Перевод с якутского
аһый
туохтуур
Нууччалыы закисать, скисать вследствие долгого содержания в теплом месте
English go sour
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Сылаас сиргэ туран буорту буол, аһыы амтаннан, бөлөнүй (үксүгэр үрүҥ ас туһунан)
Нууччалыы Закисать, скисать вследствие долгого содержания в теплом месте (чаще о молочных продуктах)
Бу бөтүөннээх үүт аһыйбыт, бөлөнүйбүт. АаНА СТСКТ. Сүөгэйдээх кытыйа, Аһыйан хаалбатын, Арыылаах ыаҕайа Ампаарга ыйааннын П. Тулааһынап Наһаа аһыы амтаннан. Θ Становиться сильно кислым, горьким. Бу кымыс аһыйбыт
2 туохтуур #
Быһыта сиир курдук сытыытык ыарый (наһаа итии, тымныы, аһыы, туох эмэ баас киһиэхэ дьайыытын туһунан)
Нууччалыы Жечь, щипать (о действии на человека чего-л. горячего, холодного, горького или какой-л. раны)
Оҕо атахтарын тарбахтара этэрбэс бүтэй эмиэ аһыйдылар.
Суорун ОмоллоонИйээ, абааһы элбэхийэ бэрт. Ол улахан саҥалаахтан куотан истэхпинэ, самыым аһыйа түстэ. Билигин да аһыйар
Күндэ
3 этии #
Нууччалыы Внезапно ощутить острое жжение или горечь (о действии на человека чего-л. горячего, холодного, горького). [Миитэрэй] бу курдук дьаабылана сылдьан, сирэйэ соҕотохто аһый гынаат, баттаҕа сырылыы түстэ
Этиилэр
Уот аһый көр уот
Куобах түүрүллэ түстэ да, түөһүм уот аһыйда. Т. Сметанин [Сэмэн отонноон сии сырытта]. Эмискэ, тигээйи тикпитин курдук, уоһа уонна тылын төбөтө уот аһыйа түстэ. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (4)
Илиим уот аһыйда, “айака” диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла: арай илиибин айахпар батары биэрэн олорор эбиппин. Т. Сметанин Аһый гын - эмискэ быһа сиир курдук сытыытык ыарый (киһи этигэр наһаа итии, аһыы дьайыытын туһунан) Амма Аччыгыйа Бу икки ардыгар мин сиргэ ууран олорор сыгынньах атаҕым аһый гына түстэ.
Суорун ОмоллоонСөтүөлүү сылдьан медузаны таарыйдаххытына, эккит балайда обургутук аһый гына түһүөн сөп. ББЕ З
4 туохтуур #
Өлбүт, ыараханнык ыалдьыбыт эбэтэр баран хаалбыт киһини суохтаан, санаарҕаан, аһынан, санааҕа ыллар
Нууччалыы Горевать, печалиться, скорбеть о ком-л. умершем, тяжелобольном или уехавшем куда-л. далеко
Ээ, буолумуна. Ол маамам аһыйдаҕа. Ол гынан баран таҥара көмөлөһөн, бэттэх кэлиэх курдукпун. Н. Неустроев Ытаа, оҕом эрэйдээх. Төрөппүт аҕаны, үчүгэй үтүө, эриэккэс киһини аһыйан ытыыр сии буолуо дуо, ама? С. Ефремов Ийэлээх аҕата аһыйар саҥалара кулгааҕар иһиллэргэ дылы М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (4)
Туоххуттан эмэ матан, тугу эмэ сүтэрэн хомой, кэмсин, харыһый. Θ Сожалеть, скорбеть о чем-л. потерянном, утраченном. Эн миигин уон биэс харчыны аһыйар дии саныыгын. Ол алҕас. Биэс мөһөөх кэриҥэ харчыны сиэппэр уктан сылдьыбытым. Амма Аччыгыйа Дьэ, бирикээсчик, эн табааргын аһыйыма. Хата бэйэҥ лааппыҥ үбүттэн-аһыттан асаһа-сиэһэ биһигини кытта бараҕын. Д. Таас Мин, испэр, саһылбын соҕотох чаанньыкка биэрэрбин аһыйдым, саатар туох эмэ таҥас, чэй, табах эбиилээҕэ буоллар дии санаатым. Болот Боотур Тюрк. ачы