ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыйытын

туохтуур

Нууччалыы распаляясь все более, злиться, раздражаться, нервничать

I

туохтуур

ан эмэ тэптэн кыыһыр, кыйахан, абатый

Нууччалыы Распаляясь все более, злиться, раздражаться, нервничать

  • Кини Глафираҕа көмөлөһөр кыаҕа суоҕуттан, кинилиин саатар биир тылы кэпсэтэр бырааба суоҕуттан ис-иһиттэн кыйыттара.
    Л. Попов
  • Айдар түннүгүнэн көстөр куоратын мара көрүҥүттэн иһигэр кыйытта турда.
    Н. Лугинов
  • "Дьэ, оттон абаккам, хайаан да син биир баскын хатаран баран тэйиэм!" - дии-дии кыйытта-кыйытта кыбдьыгырыыр саҥата уолга быһыта-урута иһиллимэхтээтэ
    Уустаах Избеков
Өссө холобурдар (2)
  • кый II диэнтэн атын., бэй. туһ. Атаҕым дьарҕата кыйыттан ыалдьыбыта хас да хонно.
    И. Егоров
  • Хаҥас окумалын уҥуоҕа тас өттүнэн бэрт куһаҕаннык кыйыттан ыалдьара, кыра да тымныыны дэҥ көрбөт буолла. Тумарча. Отон курас амтана айаҕын хам ылла. Тииһэ кыйыттыах курдук буолла. М. Доҕордуурап

«К» буукуба