Перевод с якутского
тырытталан
туохтуур
Нууччалыы изорваться, разорваться. [Күн сибэккитин] сэбирдэхтэрэ куорсун түүтүн курдук синньигэс өлүүкэлэргэ хас да төгүл тырытталаммыттар
1 туохтуур #
Тырыта, хайыта бар, бүттэтэ суох алдьан
Нууччалыы Изорваться, разорваться. [Күн сибэккитин] сэбирдэхтэрэ куорсун түүтүн курдук синньигэс өлүүкэлэргэ хас да төгүл тырытталаммыттар
МАА ССЭҮү. Куттаммытын да, ыарыылаахтык эмсэҕэлэммитин да умнан кэбистэ – саҥа хоту ыстанна. Лааҥкыны, аабылааны үрдүнэн. Таҥаһа эрэ тырытталанара иһиллэр. В. Санги (тылб.)
2 туохтуур #
Кыйаханан, кыыһыран сирбиэтэн (үксүгэр солуута суох)
Нууччалыы Раздражаться, нервничать (обычно без веского основания)
Биирдии ыстатыйа аайыттан итинник тырытталанар буоллаххына, хайа, доруобуйаҥ, ньиэрбэҥ даҕаны алдьанан бараарай? В. Яковлев Мин кыратык эмэ истэхпинэ даҕаны [кэргэним] атын дьахталлар курдук мээнэ тырытталана, этиһэ-охсуһа сылдьыбат ХС