ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

илдьирий

туохтуур

Нууччалыы изорваться, превращаться в лохмотья

1 туохтуур #

Тырыттан хаал (хол., таҥас, илим)

Нууччалыы Изорваться, превращаться в лохмотья (об одежде, рыболовных сетях и т. п.)

  • Ырбаахыта күнүнэн илдьирийэн хаалар.
    Амма Аччыгыйа
  • Абдуркулла ыстаанын ньилбэгэ илдьирийэн хаалан, баатата оронон түһэн, суор сиэбит сэмнэҕин курдук, кэннигэр соһулла сылдьар.
    Эрилик Эристиин
  • Таҥас-сап туома илдьирийэн, бытырыыс ойбут, сирэй-харах да сууллубатаҕа ырааппыт быһыылаах
    Н. Заболоцкай

2 туохтуур #

Уһуннук, элбэхтик туттууттан эбэтэр күүстээх охсууттан туһаттан тахсар гына алдьан

Нууччалыы Приходить в негодность (от долгого употребления или сильного удара)

  • Вахтеревтар уонна Сахаров хрестоматиялара хас сирэйдэрэ барыта көрбөккө олорон ааҕар гына билиллэллэр, илдьирийбиттэрэ да бэрт.
    Амма Аччыгыйа
  • "Тур-тур, тилин", – дии-дии, талахтара илдьирийиэр диэри таһыйталыы сатаабыттар да, өлбүт хантан тиллиэй, тиллибэтэхтэр.
    Суорун Омоллоон
  • Кумааҕыта туттарыттан, Илиистэрэ имиллэн, Илдьирийэн бүппүттэр
    Күннүк Уурастыырап

3 туохтуур #

Аһара буһан, быһыта бара сылдьар буол (үксүн эт ас туһунан)

Нууччалыы Сильно развариваться, перевариваться

  • Эбиэт буһан баран илдьирийдэ, илдьирийэрин ааһан уолла, ону ааһан сойдо.
    Н. Заболоцкай
  • Ыарыһах киһилэрэ Симон Үүйэ эйэҕэс илиититтэн бүгүн миискэ аҥаара илдьирийбит куйаханы сиэбит этэ уонна төгүрүк харахтарынан кинилэргэ сымнаҕастык мичээрдии сытара
    Л. Попов
  • Этэ (этэ-сиинэ, этэ-хаана, эт-этэ) илдьирийдэ (илдьи барда) көр эт II. Тамахтара наһаа хаппыт, эттэрэ иилэн ылбат гына илдьирийбит.
    А. Софронов
Өссө холобурдар (2)
  • Кини өссө да өргө диэри утуйбакка, илдьирийбит этэ нүөлүйдэ, тоһуттубут уҥуоҕа дьаралыйа, мунчаарбыт өйө-санаата эрэйдэнэ сытта.
    Амма Аччыгыйа
  • Кэмниэ-кэнэҕэс өйдөнөн кэлбитэ, суол кытыытыгар икки дулҕа икки ардыгар киирэн кыбытта сытар үһү, этэ-хаана илдьирийбитэ сүрдээх. Н. Заболоцкай

«И» буукуба