ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэбилэн

туохтуур

Нууччалыы вести себя неподобающим образом, скверно, омерзительно. [Туруору Уйбаан:] Сордоох!

1 туохтуур #

Олоҕурбут сиэргэ-майгыга баппат куһаҕаннык быһыылан

Нууччалыы Вести себя неподобающим образом, скверно, омерзительно. [Туруору Уйбаан:] Сордоох!

  • Дьэ, кэбилэнэн аххан эрэҕин дии. Аны уоруйах буолаары гынныҥ дуо?
    Суорун Омоллоон
  • Ааныс соһуйда, туох да сүрдээхтик киҥэ холунна, күүстээҕэ буоллар, быһыта-хайыта тыытан быраҕаталыах кэбилэннэ.
    Күндэ
  • Ньургуу... саатар оҕоҕун санаарыый... бу тугу кэбилэнэн эрэҕин?!
    И. Семенов

2 туохтуур #

Олус куһаҕан туруктан, көрүҥнэн

Нууччалыы Приходить в негодность, иметь непотребный вид; быть в плохом состоянии

  • Төрөөбүт, үөскээбит, таптыыр чэл күөх ньуурун бу курдук кэбилэммитин көрөрө ыарахан этэ.
    Суорун Омоллоон
  • Таҥастара уруккутунааҕар ордук кэбилэммит: Мундербек хомуһуолун көхсө тырыттан сиргэ соһуллубут, баккыта аҥардас иитэ эрэ хаалбыт.
    Эрилик Эристиин
  • Ыраммын, сылайан кэбилэнэн Ырыабын киэр бырахпатарбын
    И. Эртюков

«К» буукуба