ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыладый

туохтуур

Нууччалыы обрабатывать, натирать твердую поверхность чего-л

1 туохтуур #

,

  • Кыһыны быһа кыладыйан оҥоһуллубут мончууктар хамсаабаттар эрэ, үүт-үкчү кус курдуктар.
    Далан
  • [Маһы] биир да саркааҕа суох буолуор диэри кыладыйаллар.
    Н. Босиков
  • Былырыын аҕас ыалыгар олус кичэйэн, устуруустаан, кыладыйан, кыараҕас буолан баран уу да тэстибэт, быыһа суох ампаары охсубута
    А. Сыромятникова

2 туохтуур #

Туох эмэ кытаанах, хатыылаах тас өттүн (хол., маһы) аалан, кыһан кылааккай буоларын курдук оҥор

Нууччалыы Обрабатывать, натирать твердую поверхность чего-л. для придания гладкости, блеска; шлифовать

3 туохтуур #

Тугу эмэ олус кыһаллан, кичэйэн оҥор

Нууччалыы Делать что-л. с большим усердием, старательно

  • Умнубаппын хаһан да мин "Кыһыл хоһоон" кинигэтин кыладыйан айарбытын. Эллэй. Кыладыйбыт ахан хоһооннорбун, Туохха да биэрбэт баайбын - Тойуктарбын, ырыаларбын Доҕорбор ааҕан биэрдэрбин Дуоһуйуох эрэ курдукпун.
    М. Тимофеев
  • Сапка оҕуруону тиһэн эрэр курдук, кыра бытархай буочарынан суруйан кыладыйа олорорун эрэдээксийэҕэ куруук көрөрүм
    ХС

«К» буукуба