Перевод с якутского
кыламан
аат тыл
Нууччалыы ресница
English eyelash
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Нууччалыы ресница
English eyelash
Holonym: харах (qaraq, “eye”)
2 аат тыл #
Харах халтаһаларын кытыытынан үүммүт түү
Нууччалыы Ресницы. Хоп-хойуу, уп-уһун хара кыламаннарын быыһынан төп-төгүрүк, ып-ыраас саһархай харахтара -- холкутук, көрсүөтүк көрөллөр. Амма Аччыгыйа. Кыламаҥыттан собус-соҕотох бөдөҥ таммах кылабачыйан түстэ. И. Гоголев. Ньургустаана кыламаннарын быыһынан быһыччы көрөн, биир сири тобулу одуулаһар. В. Протодьяконов
3 аат тыл #
поэт. Күн, уот сардаҥата
Нууччалыы Лучи, сияние, блеск, свет солнца, огня
Хара тыа кэтэҕэр түһэн, кыратык нуктаан, хараҕын сабан ылбыт күн кыһыл көмүс кыламанын өрө көтөхпүтэ - аһаҕас аанынан киирэн, алтан сылабаар култаҕарыгар күлүбүрээтэ. Л. Попов Күн сырдык кыламаннарын Күөлгэ түһэрэн суунна, Ийэ сир сарсыардааҥы Чэбдик салгынынан тыынна Н. Босиков
4 этии #
Нууччалыы Скончаться, почить, забыться вечным сном, закрыть глаза навеки
Кыламанын сапта (симтэ) поэт. - олохтон туораата, өллө Аҕаҥ тааһын анныгар Атахтаһан сыппатыҥ. Кыргыс хааннаах аартыгар Кыламаҥҥын симпитиҥ. П. Тулааһынап Билигин бэрт ахсааннаахтар [сэрииттэн] сиидэлэнэн кэллэхпит, үгүстэр бүгүҥҥү олохпут туһугар кыргыс толоонугар үйэ-саас тухары кыламаннарын саптахтара. "ХС"