ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кылам

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы сияющий, сверкающий, светящийся издалека или сквозь что-л

1 даҕааһын #

поэт. Ыраахтан эбэтэр туох эмэ иһиттэн сыдьаайар, кылайар

Нууччалыы Сияющий, сверкающий, светящийся издалека или сквозь что-л

  • Инники сайдыы - Ибир да хардыы, Кылам да сырдык, Кылах да кырдьык Өлөр өстөөҕө.
    Күннүк Уурастыырап
  • Кутаа күлүн анныгар Кылам уоттаах чох хаалар. Эмэхсийэр да сааскар Эстибиттии сананымаар. Айталын. Курулас ардах кут да кут. Кылам уот көстүбэт тулабар
    ХС

2 аат тыл #

суолт., көсп. Туох эмэ кэрэтэ, сырдыга

Нууччалыы Что-л. светлое, прекрасное, блеск

  • Тэбиэн саҕа хараҥа, ынырык санаатааҕар Ылыаҕым түөн да саҕа сырдык санаа кыламын.
    С. Тарасов
  • Истиҥ мичээр кыламыгар, Ыраас сүрэх сыламыгар Ымсыыра сылдьаммын мин Эйигин көрсө түспүтүм
    М. Тимофеев

«К» буукуба