ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кылам гын

этии

Нууччалыы промелькнуть, вспыхнуть, появляться на мгновение

1 #

кылай диэнтэн көстө түһүү. Оһох кыыма өһөрүгэр Кылам гынан ыларыныы Оҕонньорбут кырдьан баран, Кыыһы таптаан аастаҕа. Күннүк Уурастыырап. Хараҥаҕа уот кылам гынаат умулунна. "ХС"

2 #

Эмискэ, түргэнник өйдөөн кэл, өйгөр көтөн түс

Нууччалыы Промелькнуть, вспыхнуть, появляться на мгновение (в сознании)

  • Сибилигин өлөрөөрү ойуурга илтэхтэрэ дуу диэн санаа төбөбөр кылам гынна.
    Т. Сметанин
  • Кылам гыммыт санаабын Кыайан бүгүн туппатым Сэргиир сэргэх тылбын Булан эмиэ эппэтим
    Чэчир-85

3 #

Дэҥ кэриэтэ, биирдэ эмэ көстөн аас

Нууччалыы Крайне редко появляться, встречаться, возникать изредка

  • Итинник былдьаһыкка хоһуун киһиэхэ өйүгэр туох эмэ туһалаах, суос-соҕотох таба быһаарыныы кылам гынан ааһааччы.
    Н. Заболоцкай
  • Дементьева ити тылларыгар эрэмньи кыыма да кылам гынан ааспат этэ.
    М. Попов
  • Суруйааччылар сир аатынан псевдонимнаныыларын быһааран суруйуу биһиги бэчээппитигэр син биирдэ эмэ кылам гынан ааһар
    ФЕВ УТУ

«К» буукуба