ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кылах гын

этии

  • кылам гын диэн курдук. Томороон улаханнык санаата көтөҕүллэн, туох эрэ кыра эрэл кылах гынан, эрчимнээхтик хааман, түспүт ыалын диэки баран истэ.
    Болот Боотур
  • Алмаас көстүбэт... Биирдэ эмэ кылах гыннаҕына үөрэбит.
    Н. Туобулаахап
  • Арыт өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар ырыабыт-хоһооммут кылах гынан, - хардыыбыт кэҥээбит кэмэ.
    М. Тимофеев
Өссө холобурдар (2)
  • Музей үлэһитигэр дэҥҥэ кылах гынан көстөн кэлэр сэдэх булумньулар олус күндүлэр. "Чолбон". Суолга саллааттар саҥарсаллар, өссө антах ханна эрэ ыллыкка бөппүрүөскэ уота кылах гынар.
    В. Барабанскай
  • Туй-сиэ, ити чыычаахтары истэ олорон, эмиэ туох эрэ өйүгэр кылах гыммытын өйдөөмүнэ хаалла. Н. Габышев

«К» буукуба