ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кылбаарыччы

Нууччалыы светло, ярко

Ис хоһооно · 4

1 #

сыһ

  • Халлаан кылбаарыччы сырдаан сааскы күн Лоҥкууда хайатын үрдүттэн үлэ дьонун өҥөйөн көрдө.
    М. Доҕордуурап
  • Ардах кутар курулаччы Аргыый аастар, таммалыыр -- күн тыгар кылбаарыччы Этиҥ ыраатар, намырыыр
    С. Дадаскинов

2 #

Сырдыктык, чаҕылхайдык

Нууччалыы Светло, ярко (сиять)

3 #

Ып-ыраас, кылбайан көстөр гына

Нууччалыы Гладко, ровно; начисто, до блеска

  • Уулусса ханна да кыырпах суох гына Кылбаарыччы ыраастаныллыбыт.
    Эрилик Эристиин
  • Хотуурун сытыылаан бүтэн, үрэх чээлэй отунан кылаанын кылбаарыччы соппут. Софр. Данилов. Тыал кылбаарыччы тибэн кэбиспит хаара өссө ырааһырбыкка дылы буолан, эриэ-дэхси мэндээрийэн сытар. Тэки Одулок (тылб.)

4 #

Ыраастык, арылхайдык (көр)

Нууччалыы Чистым, ясным взглядом (смотреть)

  • Айдар кэнниттэн аны Егор Килович кылбаарыччы көрөн киирдэ.
    Н. Лугинов
  • [Кыыс] Кыламанын быыһыттан Кылбаарыччы көрөттүүр
    С. Тимофеев

«К» буукуба