ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кылбай

туохтуур

Нууччалыы светиться ярко

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

дьүһ. туохт

  • Күһүҥҥү Миитэрэйэп саҕанааҕы күн кылбайа ойон тахсан,-- күндээрэн, чаҕылыйан, кырдьык даҕаны үчүгэйгэ дылы этэ.
    А. Софронов
  • Адаар таас хайаны арҕаһын кэрийэн Алтан ый иэдэһэ кылбайар.
    П. Тобуруокап
  • Халлаан күп-күөх дьэҥкир мындаатыгар ып-ыраас, мап-маҥан күн кылбайар
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (2)
  • Чаҕылыччы оонньоон, сырдаан көһүн. Θ Быть, казаться ярким, блестящим, сверкать. Кылбайбыт эрэ кыһыл көмүс буолбат (өс хоһ.). Аллараа хотоолго уһун синньигэс элгээн уута кылбайар.
    Н. Якутскай
  • Кини иннигэр билигин хаһан да тыытыллыбатах сыа хаар кылбайа сыппыта
    Н. Заболоцкай

2 туохтуур #

Сырдыктык, чаҕылыччы тык

Нууччалыы Светиться ярко

3 туохтуур #

Маҥхайан, үрүҥ өҥнөнөн көһүн

Нууччалыы Сиять белизной, белеть

  • Үрүҥ көмүс түүлээх, хааҕырҕаан саҥарар хопто кыылым устан кылбайа сылдьар.
    Н. Неустроев
  • Эн тымныы тоҥ балыгы кытта сонно-- хойуу итии чэйи ис эрэ - тииһиҥ онтон кылбайара биллибэт.
    Н. Габышев
  • Хос ааныгар сиэстэрэ дьахтар маҥан халпаага кылбайан көһүннэ
    П. Аввакумов

4 туохтуур #

Сырдык, саҥа буолан арылыйан көһүн, сырдаан, харахха быраҕылын

Нууччалыы Быть, казаться ярким, светлым, нарядным; сиять новизной, свежестью

  • Оттон мин эн уулуссаларгар хас саҥа таас дьиэҥ кылбайа үүнэн тахсарын үөрэ көрөрүм. Софр. Данилов. Үрэҕи туоруур саҥа муоста кылбайан көһүннэ.
    А. Бэрияк
  • Оскуола саҥа кырыыһата Ол ыраахтан кылбайан көстөр.
    С. Васильев
  • Ср. монг. гилба 'озарять, освещать, блестеть'

5 этии #

Этиилэр

Кылбайан турар кырдьык көр кыларый

  • "Таҥара баарына, кылбайан турар кырдьыкпын кэпсиэҕим", - Булумдьу таҥаһын таҥнан булумахтанар.
    Л. Попов
  • Мэлдьэспэппин, Сеня. Кылбайан турар кырдьыгы эттиҥ. Ол эрээри туох барыта кэмиттэн уонна миэстэтиттэн тутулуктаах.
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
  • Маайыс манна төһө да муҥкук буоллар, кылбайан турар кырдьыгы кэпсээтэ. А. Бэрияк

«К» буукуба