Перевод с якутского
кыларый
туохтуур
Нууччалыы притупиться, сточиться. [Көтөр аал] Тостубат укулаат тимир долуолаах, Кыларыйбат ыстаал кынаттаах, Оҕуруктаах куйаар кутуруктаах Оботтоох чупчурҕан тумустаах
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Аалыллан, сыппаан мүлүрүй
Нууччалыы Притупиться, сточиться. [Көтөр аал] Тостубат укулаат тимир долуолаах, Кыларыйбат ыстаал кынаттаах, Оҕуруктаах куйаар кутуруктаах Оботтоох чупчурҕан тумустаах
Батыйа биир биилээх, биир уһуктаах Хоодуот уол үс өргөстөөх Кыларыйбат аҕыс биилээх Буолуох тустаах. И. Гоголев Ньыгыл таас иэнигэр Роланд батаһын сырбатта, Гранит таас бытарыйа кыырайда, Ыстаал тыаһа лыҥкыныы дуорайда, Батаһын кылаана да кыларыйбата АЕВ ОҮИ
2 туохтуур #
Күүһүҥ, кыаҕыҥ баранан мөлтөө, ахсаа
Нууччалыы Терять силы, постепенно слабеть
Имири эһэр, имнии сүтэрэр Аралдьыйбат андаҕардаах, Кыларыйбат кыһамньылаах-- Этэрээти тэриммиттэрэ. Эллэй. Бу курдук кыыдааннаах кыһын кыларыйбытын кэннэ, көмнөх хаар көспүтүн кэннэ, көрдөөх күөх сайын көстүбүтүн кэннэ,-- бу мин төрүттээбитим төрүүр оҕолор төрүөхтэрин тухары төннүбэккэ төлкөлөнө туруохтарын В. Протодьяконов
3 туохтуур #
Ахсааҥҥынан аҕыйаа, көҕүрээ
Нууччалыы Уменьшаться, становиться меньше (о количестве чего-л.)
Төрөөбүт кыраайбытын, кини ханна да хатыламмат туспа кэрээбэт кэрэтин,-- кыларыйбат кылаатын хостуур, тимир суолу тирбиитэтэр, саҥа куораттары сандаардар, үтүө санаалаах бар-дьонун,-- ким хоһуйуой! ХС Ян Чи-чао маҥхааһайдарыттан ити үүнүү биир да туораҕа кыларыйыа суохтаах. С. Сарыг-оол (тылб.)
4 этии #
Кылаана кыларыйбат(ах) - букатын туох да буолбат(ах), алдьаммат(ах), хотторбот(ох) Кылаана кыларыйбат Сытыы кылыс курдук санаан, Кэнэҕэс эдэр ыччат Көрүөхтүн ытыгылаан. Ыстаал бөрүөм. И. Гоголев.
Нууччалыы Быть абсолютно неуязвимым; быть идеальным
Этиилэр
Хаартаҕа көр эрэ
Днепр уҥуор эн лоп курдук сэттэҕэ тиийэр сириҥ бу баар. Сылбырҕа бөлөх итиннэ диэри кылаана да кыларыйан көрбөккө тиийиэхтээх. К. Симонов (тылб.). Кыларыйар (кыларыйан турар) кырдьык - адьас дьиҥ-чахчы, көстөр-биллэр, дакаастанар кырдьык.
Истинная правда, святая истина, правда-матка.
Кыларыйар кырдьыгынан эттэххэ, Слепцовтар тапталынан ыһыахтамматах дьоннор. Оннук төрүттэригэр-уустарыгар да суоҕа. М. Ефимов Эн миигин билиҥҥээҥҥэ диэри албынныыр диэн абатыйыма, кыларыйан турар кырдьыкпын суруйабын. И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
Тоҕо сымыйалыахпыный? Барыта кыларыйан турар кырдьыгы кэпсиибин. "Кыым"