ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сымсаа

туохтуур

Нууччалыы стать невкусным, неаппетитным, утратить вкусовые качества

1 туохтуур #

Амтаҥҥын сүтэр, минньигэһэ суох ньулук-ньалык курдук буол

Нууччалыы Стать невкусным, неаппетитным, утратить вкусовые качества (напр., о еде)

  • Аһыыр аһым сымсаата.
  • Ас дэлэйдэҕинэ, эбиитин, Амтана сымсыырын билэбин
    В. Гольдеров

2 туохтуур #

Сыппаа, мөлтөө (үксүн иэйии, санаа туһунан)

Нууччалыы Притупиться, ослабнуть, поблекнуть, померкнуть (обычно о чувствах, душевном состоянии)

  • Икки атахтаах – өрөгөй тыыннаах өйүн күүһүнэн өлүө суохтаах – бу хаһан да сымсаабат улуу санаа!
    П. Ойуунускай

3 туохтуур #

Киһини кэрэхсэппэт, өлбөөркөй, мөлтөх буол

Нууччалыы Становиться, быть неинтересным, блекнуть, тускнеть

  • Барыта сүүстэ кэпсэммит кэпсээннэр, хаһан да сымсаабат, салгыппат, куруук кэрэ кэпсээннэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Кини уһуннук буспут эт амтанын сүтэрэрин кэриэтэ, уһуннук тардыллыбыт дьыала сымсыырын эмиэ билэрэ.
    Н. Якутскай
  • Өскөтө Эрилик Эристиин итини уларытыыта суох суруйбута буоллар, Кыра Хабырыыс уобараһа хайдах эрэ сымсыа этэ.
    Н. Тобуруокап
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. ДТС самсыт ‘досаждать’, йумша ‘смягчаться’, кирг. жумша ‘смягчаться’, монг. суве ‘безвкусный; слабый (о напитке)’

«С» буукуба