ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күрэҥсий

туохтуур

Нууччалыы побуреть, поседеть, утратить блеск

туохтуур

Бороҥ өҥнөн (киһи баттаҕын туһунан)

Нууччалыы Побуреть, поседеть, утратить блеск (о волосах)

  • Лэгиэнтэй кырдьыбыт, баттаҕа күрэҥсийэн көстөр, улаханнык холбураабыт да быһыылааҕа, таҥаһа тоһоҕоҕо кэтэрдиллибит курдук иилиллэр буолбут.
    Н. Якутскай
  • [Сүллүкү ойуун] хаһан да сууйууну, тарааһыны билбэтэх, иирсэн, сүүмэх-сүүмэх буолан, моонньун, иэдэһин саба үүнэн түспүт баттаҕа күлү аспыт курдук күкээрэн, күрэҥсийэн көстөр.
    Болот Боотур
  • Иккиэн биир көрүҥнээх, сонос мааны таҥастаах дьон эбиттэр. Үрүт уостарын хара бытыктара кырыара күрэҥсийбиттэр
    И. Никифоров

«К» буукуба