ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күрэс

аат тыл

Нууччалыы состязание, спор

II

1 аат тыл #

Куоталаһыы, күрэхтэһии

Нууччалыы Состязание, спор

  • күрээ диэнтэн холб. туһ. Уһун Баһылай, -- кыһыллар эккирэтэн иһэллэрин Силиппиэн этэрээтигэр баран тыллаабыта уонна кинилэри кытары бииргэ Байаҕантай сиринэн илин күрэспитэ.
    А. Бэрияк
  • Санаатыгар кини арыт Александры кытта күрэспит буолар: тайах-таба ыырдарынан сылдьаллар, хоргуйан өлө сыһаллар. М. Доҕордуурап
  • Былыргы дьон күүһүн, Быһыйын өҥнүбэт, Көр-оонньуу, ыһыах күн Күрэскэ киирсибэт.
    Ф. Софронов
Өссө холобурдар (3)
  • Оттон ол ийэтэ силлиэрэн Охсуһуу күрэһин батара, Аҕыс уон албаһын киллэрэн Айдааран, аттанан барара.
    И. Чаҕылҕан
  • Күрэстэригэр буоланнар, Күн ыраах кытара киирбитин, Бэлиэр киэһэ буолбутун Билбэккэ да хааллылар.
    Н. Некрасов
  • Ср. тюрк. күреш 'борьба'

2 этии #

Нууччалыы Состязаться, соревноваться с кем-л. в чем-л

  • Күрэс былдьас - кими эмэ кытта илин былдьас, куоталас Кэлин уһугар күүстээхтэртэн күүстээхтэр хааланнар күрэс былдьаспыттара.
    Н. Лугинов
  • Түһүлгэ киинигэр Күүстээхтэр күөн көрүстүлэр, Күрэс былдьастылар.
    П. Ядрихинскай
  • Начаалынньыктара Шавров курсааннары кытта бииргэ сылдьарын, күөн көрсөрүн, күрэс былдьаһарын таптыыра.
    Ф. Софронов
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. күөн көрүс, күрэх былдьас

«К» буукуба