Перевод с якутского
сырсыы
аат тыл
Нууччалыы беготня, активное движение в разных направлениях
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Илин-кэлин түсүһэн сүүрүү
Нууччалыы Беготня, активное движение в разных направлениях
Бүтүн дэриэбинэ дьоно тахсан тибийбиттэрэ көҕө диэн, күүһэ диэн, сырсыыта диэн олус да буолар эбит.
П. ОйуунускайКиирии-тахсыы, төттөрү-таары сырсыы үксүүр. Н. Якутскай Саала аҥаарыгар араас маассабай оонньуу, күлсүү, көр-нар, сырсыы Д. Таас
2 аат тыл #
Сүүрүүлээх көрүҥҥэ күрэхтэһии, куоталаһыы
Нууччалыы Состязание, соревнование в каком-л. виде спорта
Хайыһарынан сырсыы. Уолан эрэликтэр ат сырсыытыгар Умсугуйан, ылларан киирсэллэр. М. Ефимов "Эдэр коммунист" хаһыат аатынан бириис иннигэр эдэр ыччаттар сырсыылара буолар ХС
3 аат тыл #
Туох эрэ сыаллаах тугу эрэ эккирэтиһии, толоро сатааһын
Нууччалыы Преследование какой-л. цели
Тэппэй ону-маны барытын билиэн-көрүөн баҕарара, ол сырсыытыгар куруутун бириэмэтэ тиийбэтэ, куруутун солото суоҕа. Далан Николай Петрович куруутун тиэтэйэр. – Киниэхэ барыта мүнүүтэ сырсыыта С. Окоёмов
4 этии #
Сырсыы күөс эргэр. – былыр сахаларга: оҕолоноро чугаһаабыт дьахтар түргэнник оҕолоннун диэн өрүллэр күөс, дьахтар күөс буһуор диэри оҕолонуохтаах Это делалось для того, чтобы она разрешилась раньше, чем сварится мясо. Оҕо көтөҕөөччү эмээхсиҥҥэ сырсыы күөстэн эт хоторон, миин куттулар. Ср. ДТС йарыш ‘состязание, скачки’
Нууччалыы В старину у якутов: небольшой горшок с мясом, который ставился на огонь, когда начинались схватки у роженицы