Перевод с якутского
мучумаан
аат тыл
Нууччалыы беспокойная торопливость в действиях, беготня, суета, суматоха
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
, кэпс
Саһар, куотар мучумааныгар түһэллэр. Н. Якутскай Ким барыта өйө-санаата көтөн, тус бэйэтин эрэ иннин хайынар, тус бэйэтэ эрэ тыыннаах хаалар мучумааныгар түстэ. С. Ту мат. Кыараҕас соҕус эйгэ иһинэн үҥсүү-харсыы, мучумаан бөҕө буолар Ф. Софронов
2 аат тыл #
Туох эмэ сүпсүлгэнэ, өрө-таҥнары ытыллыы
Нууччалыы Беспокойная торопливость в действиях, беготня, суета, суматоха
3 аат тыл #
Этиһиилээх-охсуһуулаах улахан айдаан
Нууччалыы Скандал, дебош
Түмээски уҥуоҕун таһыгар Турбут бэрт улахан мучумаан. Баалкынан Лэгиэнтэй баһыгар Оҕуста Сатаайка Арамаан. Эрилик Эристиин Улуу мучумаан буолла, Остуол, олоппос оҕунна, Уоппут эмиэ умулунна, Оҕо, дьахтар сарылаата А. Бэрияк
4 аат тыл #
Өй-санаа толкуй булкуллуута, дууһа эрэйдэниитэ
Нууччалыы Смятение чувств, беспокойство, беспокойные думы
Уйбаачаан төһө да мэлдьэстэр бэйэтин иһигэр улахан санаа мучумааныгар түһэ сылдьар. М. Доҕордуурап Мин мучумаан бөҕөҕө ылларабын. П. Аввакумов Бу тухары кимин-тугун кыайан быһаарымына, бэйэм туспар улахан мучумааҥҥа түстүм ХС