Перевод с якутского
кылыар
туохтуур
Нууччалыы иметь плохой зуб
туохтуур
Туора үүн, уһаа, алдьан (үксүгэр сүөһү тииһин туһунан)
Нууччалыы Иметь плохой зуб (слишком длинный или растущий в бок, сломанный; обычно о животных)
Кылыарбыт сүөһү үлтүрүйбүт тииһин төҥүргэһэ омурдун уонна тылын бааһырдан, аһаабат буолар, онон хоргуйан өлүөн сөп. АДГ СКУо. Ньирэй көрөөччү кылыарбыт борооскуга хаптаҕай игиини биитэр тимири булан, сотору-сотору балтатын икки ардыгар уган көмүллэтиэхтээх МСИ ССНьЫаУ