ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кылырҕас

даҕааһын

Нууччалыы издающий металлический звон, звякающий, брякающий, гремящий

II

даҕааһын

Кылырҕаан иһиллэр, кылырҕаан тыаһыыр

Нууччалыы Издающий металлический звон, звякающий, брякающий, гремящий (напр., цепь)

  • кылырҕаа диэнтэн холб. туһ. Бу биллибэт боотурдар куйахтара-сэптэрэ тахсан эрэр күн уотугар араастаан кылбачыйара, бэйэ-бэйэлэригэр охсуллан кылырҕаһаллара, чылырҕаһаллара.
    Далан
  • Пузатов ол олорон бүрүүкэтин сиэбигэр кылырҕаһар бытархай харчыларын таһааран ыскамыайкаҕа кэккэлэппитэ.
    Е. Неймохов
  • Тымныы салгыҥҥа үүннэр кылырҕаһаллара уонна суол чигдитигэр аттар туйахтарын тыаһа бүтэҥитик иһиллэрэ. "ХС"
Өссө холобурдар (2)
  • Ойуун кылырҕас кыаһаана, дирбийэр дүҥүрэ, ол-бу эмэгэтэ өйбөр иҥэн хаалбыттар.
    В. Протодьяконов
  • Кини, уон аҕыс саастаах уол, хаайыылаах халаатын кэтэн иһэр. Кылырҕас хандалы кэтэн, -- Россияны биир гына сыыйан, Сибииргэ баран иһэр. А. Алдан-Семенов (тылб.)

«К» буукуба