ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кылыгырас

даҕааһын

Нууччалыы звякающий, звенящий, звонкий, издающий мелодичный звон, ударяясь друг о друга

II

даҕааһын

Бэйэ-бэйэлэригэр охсуллан тыаһыыр (үксүн тимиртэн оҥоһуллубут бытархай туох эмэ эбэтэр уу сүүрээнин тустарынан)

Нууччалыы Звякающий, звенящий, звонкий, издающий мелодичный звон, ударяясь друг о друга (обычно о мелких металлических предметах или о стремительном течении ручейка)

  • кылыгыраа диэнтэн холб. туһ. Кыламаннарыгар көмүс чопчулар - кырыа кыаһааннар кылыгыраһа хамсыырга дылылар.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Кустар өрө сарыкынаһа түһээт, көтөн кылыгыраһа тураллар.
    Н. Апросимов
  • [Ойуун] көрдөһөрдүү дүҥүрүн аргыый аҕай охсор. Кыаһааннара дүҥүрү кытта кэпсэтэн эрэрдии кылыгыраһаллар. В. Санги (тылб.)
Өссө холобурдар (2)
  • Хара тыата күндү кылааннааҕынан суһумнуур, кылыгырас ыраас уута көмүс хатырыктааҕынан дьиримниир. Софр. Данилов. Ильмень күөлгэ, Эльбаҕа Ууга-уокка буспута. Кылыгырас мэтээллээх, Кыһыл Сулус уордьаннаах. Оҕо курдук оҕонньор.
    М. Тимофеев
  • Биһиктэр үрдүлэринэн сүөһү хабахтарын ыйаан күлтэтэллэрэ, кылыгырас тыастаах чуорааннары баайаллара
    Дьүөгэ Ааныстыырап

«К» буукуба