ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кылыһый

туохтуур

Нууччалыы идти очень легко и быстро, то бегом, то шагом

1 туохтуур #

Сыыдамнык, чэпчэкитик туттан-хаптан, сүүрэр-хаамар икки ардынан бар (уһун курбуу курдук уҥуохтаах киһи туһунан)

Нууччалыы Идти очень легко и быстро, то бегом, то шагом

  • Ханаһыйар-нэлэһийэр киэҥ сыһыыны Хабыллар хаба ортотунан Харса суох кылыһыйан, -- Тохтоло суох дьулуһуйан Биир курбуу-дьирбии курдук Уһун синньигэс эдэр киһи Сиэлэ-хаама сэгэйэн киирэн Өлүөнэ эбэ хотун Үрдүк биэрэгэр тохтоото.
    С. Васильев
  • Кыайан-хотон кылыһыйан, Үөрэн-көтөн үлүһүйэн Дьырыбына Дьырылыатта обургу -- Тус хоту диэки Өрүтэ үөмэхтии [турда]
    П. Ядрихинскай

2 туохтуур #

Дьулусханнык сүүрүгүр (уу, үрэх туһунан); сытыытык үр (үксүн хаары тибэр чысхаан тыал туһунан)

Нууччалыы Течь стремительно (о воде, речке); задувать резко, пронзительно (о метели, наметающей снег)

  • Тыы биттэҕин икки өттүнэн сөрүүн уу устан кылыһыйар.
    Далан
  • Үрүччэ сүүрдэн кылыһыйар. В. Дедю кин. Хочо устун, Хотоол ахсын [үрүйэчээн] Холдьугураа, Кылыһыйа, Кылбаһыйа Кылыгыраа.
    Д. Васильев
  • Кыайан хотон кылыһыйан кыһын эбэ Түптэ тымныытын төгүрүччү түһэрбит
    Күн Дьирибинэ

3 туохтуур #

Хатан куолаһынан ыллаа, күл (үксүн кыыс, дьахтар туһунан)

Нууччалыы Петь, смеяться высоким резким, режущим слух голосом (обычно о женщинах, девушках)

«К» буукуба