Перевод с якутского
кымаахтаа
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы зацепить что-л. кончиками пальцев
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Туох эмэ бытархайы тарбахтарыҥ төбөтүнэн ыл
Нууччалыы Зацепить что-л. кончиками пальцев
Кыл Сэлээппэ [киһи аата] саппыйатыттан табах кымаахтаан ылан биэрдэ. Л. Попов Сонун эҥээригэр, сиэҕэр түспүт сыыһы биир-биир кымаахтаан ыла турда. А. Сыромятникова Кыаны кымаахтаан, чокууру кытта бииргэ ыга тутта, хататын охсон сахта В. Протодьяконов
2 туохтуур #
Киһини тириититтэн икки тарбаххынан ыарыылаахтык быһа тут
Нууччалыы Ущипнуть, щипать
Оҕолору Сыллай араастаан муҥнуур: саҥардыы утуйан эрдэхтэринэ саптан сытар таҥастарын хастыы тардар, сирэйдэригэр тымныы ууну ыһар, кымаахтыыр, баттахтарын тардар. Амма Аччыгыйа Атаҕын бааһын тулатын кымаахтаан көрөрө, оччоҕо ыалдьара. И. Федосеев Степаны кымаахтыаҥ биитэр кычыгылатыаҥ кэрэх: уйан баҕайытык "уой" диэт, өрө кыймахыс гына түһээхтиир С. Федотов
3 туохтуур #
Эмискэ сытыытык ыга тутар курдук ыарый
Нууччалыы Защемить (о сердце), колоть (в желудке), кусать, щипать (о морозе)
Чуура сүрэҕэ ким эрэ көстүбэт тарбахтарынан быһыта кымаахтыырын курдук сытыытык ыарыйталаан ылла. Л. Попов Алаатыка, куттаҕым курулуйдаҕа, иһим быһыта кымаахтаатаҕа үһү. Аһыы түһүөх даа! И. Гоголев Кулгааҕым эминньэҕин тымныы быһыта кымаахтыыр Н. Якутскай
4 этии #
Нууччалыы соотв. сгореть со стыда или чуть не провалиться сквозь землю
Сири кымаахтаа - 1) улаханнык кыбыһын, с аат Оттон Анна Михайловна буоллаҕына, кыбыстыы бөҕөнү кыбыстан, атаҕын тумсуттан атыны тугу да көрбөккө, сири кымаахтыы турда. Г. Нынныров; 2) тугу да гынар кыаҕа суох буол. Θ Попасть в безвыходное положение. Сирдээн тимириэхтэрин сир кытаанах, халлааннаан көтүөхтэрин халлаан ыраах буолан, сири-буору кымаахтыы олордулар. Р. Кулаковскай Оттон бу Илья киһини кыайан өрүһүйбэт, оҕочооно бэрт, бэйэтэ сири-буору кымаахтыы сылдьаахтыыр. В. Яковлев