Перевод с якутского
кымаах
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы щепотка, щепоть
1 аат тыл #
Туох эмэ бытархайы киһи үс тарбаҕын төбөтүнэн эрэ ыларын саҕа (хол., туус, табах, о. д. а.)
Нууччалыы Щепотка, щепоть (как мера сыпучих веществ)
Туус умналаһа киирдим. Биир эмэ кымааҕы салҕаайаҕын? Софр. Данилов. Бурдук диэн кымаах да суох Бэс Дьарааһын
2 даҕааһын #
суолт. Олус кыра, аҕыйах (киһи тарбахтарын төбөтүнэн эрэ ыларын саҕа)
Нууччалыы Небольшой по количеству, в одну щепотку
Лэглээр оҕонньор ойон туран, чох тарда охсон, уокка арыы бытархайын уонна биир кымаах табаҕы бырахта. Амма Аччыгыйа Эн да үтэһэҥ тостуо, кэмиҥ-кэрдииҥ кэлиэ. Бу биир кымаах буору харыһыйдыҥ. Харыһыйдаргын эбии, мэ, хараххар таптан!
Суорун ОмоллоонИйэбит кутуу чэй, кымаах туус көрдөһө, сотору-сотору ыалга барар Кэпсээннэр