Перевод с якутского
кынат
аат тыл
Нууччалыы крыло, крылья
English wing
Ис хоһооно · 7
1 аат тыл #
Харамайдар (көтөрдөр, үөннэр-көйүүрдэр уонна сорох үүтүнэн иитээччилэр, хол., сарыы кынаттар) көтөр лабаалара, сапсыырдара
Нууччалыы Крыло, крылья
Кыната суох да көтөр, уоһа суох да үрэр, көстүбэтэр да күүстээх баар үһү (тааб.: тыал). Тыыраахы көтөрүм иннэ суптуйан, кэннэ сарайан, бүтүннүүтэ кынат, түү иччитэ буолан баран, -- күөл үрдүгэр кукунайа-кукунайа ууга суптурута түһэн ылар. Н. Неустроев Кураан буолан аһыҥа кыната кууран, ыраах баҕайы көтөн сырдыргыыр. Амма Аччыгыйа "Кэрэчээн дьэрэкээн лыах, миэхэ кынатта да булан биэрбэккин ээ, бииргэ көтө-оонньуох этибит" Н. Якутскай
2 аат тыл #
Көтөр аал, аппараат салгыҥҥа көтөҕүллэр, уйдарар хаптаҕай чааһа
Нууччалыы Несущая плоскость летательного или другого движущегося аппарата, крыло
Онтон икки хос кыната улам улаата даллайан, дыыгынас тыаһа улам хойдо күүгүнээн, көтөр аал Күөх хонууга кэлэн түстэ. Амма Аччыгыйа Кыптыыйдыы кыырайбытынан кыната кылбачыйан Кыйааран таҕыста "ТУ" халлаан үөһүгэр Р. Баҕатаайыскай
3 аат тыл #
Муҥха ийэтин икки өттүнээҕи балык күөйэр-хаайар илим курдук көрүҥнээх уһун чаастара
Нууччалыы Часть невода по обе стороны мотни, похожая на длинную сеть, служащая преграждением для рыбы
Үөс кынат. Кытыы кынат. Даарыйа муҥхатын иккис кынатын түһэрэн кэчигирэтэн барда. Н. Габышев Оттон кинилэр иннилэригэр, муус анныгар муҥха ийэтэ икки өттүнэн сүүһүнэн миэтэрэ усталаах кынатын быластаан сытар. И. Данилов
Өссө холобурдар (1)
Оҕонньор биригэдьиирдиин таастыганы баайдылар, биһиги кинилэр ыйан-кэрдэн биэриилэринэн, кынаты абырахтаатыбыт. Ыҥырар ы
4 аат тыл #
Ханнык эмэ тутуу ойоҕоһугар сыһыары тутуу, салҕааһын эбэтэр уһун тутуу көрүдүөрүн уҥа биитэр хаҥас өттө
Нууччалыы Боковая пристройка к какому-л. сооружению, или правая или левая часть какой-л. удлиненной постройки
Саҥа хотон биир кынатын кинилэргэ [комсомолецтарга] сыһыарыахха наада. Э. Соколов Хараал бэтэрээ кынатыгар анаан оҥоһуллубут кыараҕас хаарчахха уонча табаны үөртэн быһан киллэрэн, чып гына хатаан кэбистилэр. Н. Заболоцкай Мин оҕо эрдэхпинэ дьоммун кытта бииргэ кини кынат дьиэтигэр олоро сылдьыбытым, тиэргэн үлэтин барытын толорорум СБТТ
5 аат тыл #
Байыаннай чаас кэккэтин эбэтэр сэриилэһэргэ бэлэмнэммит бэрээдэгин уҥа эбэтэр хаҥас өттө
Нууччалыы Правое или левое крыло строя, боевого порядка, оперативного построения войск
Бартыһааннар сыаптарын икки кыната суол икки өттүнэн тыаҕа тиирэ тардыллан, хойуу мастардаах үрдүк халдьаайы үрдүгэр өҥөйө кэлэн кэбистэ. Эрилик Эристиин Биһиги, хайа үрдүгэр баар рота, өстөөҕү өмүтүннэрэн, соһутан үөһэттэн кимэн киириэхтээхпит. Онон икки кынакка баар сүрүн күүстэрбит кимэн киирэллэригэр көмөнү, чэпчэтиини оҥоруохтаахпыт. ВА. Хамандыыр этэрээт биир кынатыттан иккиһигэр төттөрү-таары сүүрдэрэ көстөр. ХС Тюрк. канат
6 этии #
Нууччалыы Человек на побегушках, энергичный, исполнительный, верный до конца своему хозяину. [Бакыыһа кинээс:] Нохоо!
Көтөр кыната, сүүрэр атаҕа - кимиэхэ эмэ сорук-боллур буолар, кини этиитин толорор эрэллээх хоһуун киһи Дьэрбэҥээ! Кэл, бу тойонуҥ, кырдьаҕаһыҥ, арыгы бэрдэрэр. [Түүнүкү Көстөкүүн:] Бэрдэриминэ көтөр кынаппытыгар, сүүрэр атахпытыгар. Эрилик Эристиин Эйигин, биһиги эрдээх, хорсун разведчикпытын, сибээскэ сылдьар көтөр кынаппытын Ийэ дойду наҕараадалыыр. КА КПЭ. Көтүөн (көтүөҕэр, көтүөр) кыната эрэ суох - тугу эмэ кыайан-хотон, ситиһэн санаата көтөҕүллүбүт, туох эрэ үчүгэйтэн олус көнньүөрбүт. Θ Быть в хорошем, приподнятом настроении, испытывать душевный подъем. Үрдүк хайалардаах сиргэ салгын олус ыраастыйар, чэбдигирэр, онон киһи ис-иһиттэн уҥуоҕа-сүһүөҕэ чэпчээн, көтүөҕэр кыната эрэ суох курдук буолар. Болот Боотур Айыҥах төһө да ыарыйдар, көтүөр кыната эрэ суох. Н. Босиков
Өссө холобурдар (12)
Кынаккын куурт - ханна эмэ бараары оҥоһун, аттанарга, айанныырга бэлэмнэн. Θ Готовиться к отъезду куда-л. (букв. высушить свои крылья), Ийэм мин тылбыттан тахсыбат. Онон миигин туох да туппат, кынаппын куурдубутум ыраатта. М. Доҕордуурап Сергей соторутааҕыта эксээмэннэри туттаран бүтэн, сыбааркаһытынан көһөөрү кынатын куурда, сөптөөх түгэн түбэһэрин күүтэ сылдьар. В. Яковлев Ыһыах сураҕын истэн, уонча хонук инниттэн, таҥаһын-сабын ыраастанан, кынатын куурдуна сырытта. С. Никифоров Кыната суох көтөр кэриэтэ - тугу эмэ оҥоруон кыаҕа тиийбэт. Θ Не иметь, лишиться возможности что-л. делать (букв. словно птица без крыла). Итиэннэ ол мин, ийэ эрэйдээх, кыната суох көтөр кэриэтэ буоллаҕым дии. Софр. Данилов. Кынат-куорсун ас - ким эмэ инники сайдыытыгар тирэх, төрүт буол. Θ Дать толчок, быть опорой для дальнейшего развития, становления кого-л. А. С. Шадрин дириэктэрдиир сылларыгар ССРС успуордун аҕыс уон маастардара, сүүс түөрт уон маастарга кандидаттар иитилиннилэр. Мантан аатырбыт бөҕөстөр -- иитиллэн, кынат-куорсун анньынан таҕыстылар. "Кыым". Отучча сыллаах педагогическай үлэҥ устатыгар төһөлөөх ыччаты иитэн-үөрэтэн кынат-куорсун анньан олох суолугар үктэннэрбиккин хантан ситэн ааҕыамый? ХС Кынат үүммүккэ дылы (үүммүт курдук) буолла - санаата көтөҕүлүннэ, көнньүөрдэ. Θ У него поднялось настроение, ощутить прилив сил (букв. он словно почувствовал, что у него выросли крылья). Кыыс хараҕа сырдаабыта, киниэхэ кынат үүммүккэ дылы буолбута.
Суорун ОмоллоонКынат үүннэр - санааҕын (санаатын) көтөх. Θ Поднять настроение, придать силы (букв. растить крылья). Өрөбөлүссүйүөннэй охсуһуу төлөнө кинилэргэ кынат үүннэрэрэ.
Суорун ОмоллоонАны күһүн механизацияламмыт хотоннонор санаа Таняҕа кынат үүннэрбитэ. М. Доҕордуурап Кыайыы күнэ Үөрүү күрүс долгуна, Халыс гынаат, миигин Өрө анньан таһаарда, Миэхэ кынат үүннэрдэ. Л. Попов Кынатын сарбый - күүһүн-кыаҕын толору туһанарыгар кыаҕы биэримэ. Θ Лишать возможности проявить, использовать все свои силы, способности (букв. подрезать крылья). Сэмэн кыыс илиитин бобута туппахтаата. Киниэхэ, бу кыната сарбыллан сытар кэмигэр, Шура кэлэн олороро олус күндү. Н. Якутскай Кэһэттин. Сыһыттын. Хата, кыната сарбыллыа, киһиэхэ өрөлөспөт буолуо. ХС [Уучаҕыам] Эн экчи билэҕин: -- Кырдьыы ыар кырыыһа Кынаккын сарбыйан Кылыыгын кэтиирин. В. Лебедев Орулуос кус кынатын тыаһын курдук - олус күүстээхтик куһугуруур тыас. Θ Сильно, протяжно гудеть (о звуке - букв. гуденье как от крыльев утки - гоголя-нырка). Ол көттөҕүнэ - сирэйэ сытыы талаҕынан быһыта биэрбит курдук сырылаан истэ, кулгааҕын тыаһа орулуос кус кынатын тыаһын курдук куугунаан истэ. Ньургун Боотур. Омуннаах киһи быһыытынан атын үрдүгэр олоро түстэ, тус хоту диэки салайа баттаата, -- ат сылгы -- суостаахтык-суодаллаахтык айаннаата, кулгааҕын тыаһа орулуос кус кынатын тыаһын курдук куугунаан истэ. Саха фольк
7 этии #
Нууччалыы Двукрылые (отряд насекомых)
Икки кынаттаахтар - үөннэр-көйүүрдэр этэрээттэригэр киирсэр, киэҥник тарҕаммыт, инники кынаттара кэнникилэринээҕэр үчүгэйдик сайдыбыт харамайдар Икки кынаттаахтар сорох көрүҥнэрэ киһиэхэ (сахсырҕалар, бырдахтар), дьиэ сүөһүлэригэр (күлүмэннэр, бүгүйэхтэр) ыарыыны тарҕаталлар, оттон сорох көрүҥнэрэ үүнээйини куоппаһырдар, сири көбүтэр буоланнар туһалаахтар. Икки кынаттаахтар атын үөннэртэн-көйүүрдэртэн туох уратылаахтарый? ББЕ З. Илии кынаттаахтар - инники лабаалара кынакка кубулуйбут, көтөр кыахтаах, үүтүнэн иитээччилэр этэрээттэригэр киирсэр кыра харамайдар (үгүс көрүҥнэрэ тропикка уонна субтропикка бааллар, түүҥҥү олохтоохтор). Θ Рукокрылые (отряд млекопитающих). Илии кынаттаахтар бэрэстэбиитэллэрэ (хол., көтөр кутуйахтар) көтөргө үчүгэйдик ньыматыйбыттар, ол эрээри кынаттарын оҥоһуута көтөр киэниттэн атын. ББЕ З. Көнө кынаттаахтар - үөннэр-көйүүрдэр этэрээттэригэр киирсэр элбэх көрүҥнээх харамайдар (инники кынаттара кэнникилэринээҕэр үксүгэр синньигэс, уһун уонна көнө буолаллар). Көнө кынаттаахтары кылгас бытыктаахтар (хол., саранчалар) уонна уһун бытыктаахтар (хол., аһыҥалар) диэннэргэ араараллар. Θ Прямокрылые (отряд насекомых). Айанныыр саранча биэс-алта см кэриҥэ уһуннаах, кылгас бытыктардаах, уһун синньигэс хоччорхой көнө (этэрээт көнө кынаттаахтар дэммитэ - онтон) илин кынаттардаах. ББЕ З. Көтөр кынаттаах кэпс. - көтөрдөр уопсай ааттара. Θ Общее название птиц, пернатые. Көтөр кынаттаахтан оҕонон төрүүр баар үһү (тааб.: нэтээги). Оҕонньор Уйбааскыга булт-алт алтыһыытын, сүүрэр атахтаах, көтөр кынаттаах сырыытын -- кэпсиир. Л. Попов Көтөр кынаттаах Көччөҕүн көтүтэн, Көһөрүн көһүтэн, Көлүйэ күөллэргэ Көрүлээн көччүйбүт. А. Софронов
Өссө холобурдар (5)
Куоппастаах кынаттаахтар - үөннэр-көйүүрдэр этэрээттэригэр киирсэр лыахтар. Θ Чешуекрылые (бабочки из отряда насекомых). Лыахтар кынаттарын дьүһүнэ кинилэри бүрүйэр кырпа куоппастар өҥнөрүттэн тутулуктаах. Лыахтар "куоппастаах кынаттаахтар" диэн ааттаммыттара. ББЕ З. Кынаттаах бакыат бэй. туһ. - аадырыһыгар суһаллык тиэрдиллиэхтээх улахан суолталаах сурук (былыр, үөрэхтээх аҕыйах эрдэҕинэ, итинник бакыакка көтөр куорсунун сыһыараллара эбэтэр ойуулууллара). Θ Срочнй пакет, пакет срочной доставки (букв. пакет с крылом) (в старину, когда было мало грамотных, на таких пакетах приклеивали или рисовали перо птицы, тем обозначая срочность доставки и важность дела). Ортотунан сургуустаах, икки куорсун сараччы ойууламмыт, үс муннуктаах кынаттаах бакыаты Дьөгүөрдээн ылан эргим-ургум тутта. Амма Аччыгыйа Кынаттаах кутуйах зоол. - илин, кэлин атахтарын уонна кутуругун төбөлөрүн тилийэ сарыы курдук кынаттаах, үөнүнэн-көйүүрүнэн аһылыктанар, күнүһүн бүччүм сиргэ төбөтүнэн таҥнары утуйан тахсар, түүҥҥү олохтоох, илии кынаттаахтар этэрээттэригэр киирсэр быыкаайык көтөр кутуйах. Θ Летучая мышь (водяная ночница, кожан, ушан). Эрдэ туран үлэлээри Дьон бары утуйар, Арай көтөн элээрэр Кынаттаах кутуйах. Баал Хабырыыс Кынаттаах кутуйах арааһа элбэх, ол да иһин буолуор сөп - сахалыы элбэх ааттааҕа: сарыы (тирии) кынат, абааһы үрүмэччитэ (лыаҕа), кынаттаах (көтөр) кутуйах, лэкэттэ оҕото, сарыкынай, тыҥы, тэлиэс. ББЕ З. Кынаттаах тыллар - киэҥник тарҕаммыт, олус бэргэнник этиллибит, тута өйдөнүмтүө сытыы тыллар бөлөхтөрө. Θ Крылатые слова. Гораций "өскө өлүөр эрдэххинэ сүүрүөххүн баҕарбат буоллаххына, ыарыйдаххына сүүрүөҥ" диэн эппит кынаттаах тыллара үйэттэн үйэҕэ бэриллэн иһэллэр. АН БЭХСКТ. Бу ирдэбиллээх салайааччы "учуутал үөрэнэрин тухары учуутал" диэн кынаттаах тыллары бигэтик тутуһар. "Кыым". Тэҥн. ох тыл. Кынаттаах устуруус - икки киһи утарыта олорон тардарыгар аналлаах икки тутаахтаах улахан устуруус. Θ Медведка (большой рубанок с двумя ручками, которым работают два человека). Аҕалаах уол кынаттаах устурууһунан муоста маһын тарда олороллор. Кынат тулаайаҕа зоол. - көтөр кынатын төбөтүнээҕи муҥур уҥуохтара. Θ Крайняя кистевая кость у крыльев птиц. Ол ытарыгар кыталык кынатын тулаайаҕын тоһуппут. Багдарыын Сүлбэ. Бултуу сылдьаммын, кынатын тулаайаҕа тостубут хотойу булан, үүтээним кэннигэр оҕолообутум. ББ Кытаанах кынаттаахтар - үөннэр-көйүүрдэр кылаастарыгар киирсэр хомурдуостар. Θ Твердокрылые (жуки из отряда насекомых). Кытаанах кынаттаахтарга таҥара ынаҕа, кии хомурдуоһа кытары киирсэллэр. Сарыы кынаттаахтар - үөннэр-көйүүрдэр этэрээттэригэр киирсэр, иккилии паара дьэҥкир сарыы кынаттардаах, көмүскэнэргэ уонна саба түһэргэ аналлаах тигэр иннэлээх, кыттыгас олохтоох кыра харамайдар (үгүс көрүҥнэрэ мүөтү биэрэр, үүнээйини куоппаһырдар. Θ Перепончатокрылые (отряд насекомых). Сарыы кынаттаахтарга тигээйилэр, кымырдаҕастар эмиэ киирсэллэр. Тойон ыҥырыалар - бөдөҥ (30 мм тиийэр уһуннаах), түүлээх уонна арылхай ойуулаах сарыы кынаттаахтар. ББЕ З. Сарыы кынаттаахтар ортолоругар атын үөннэргэ-көйүүрдэргэ паразиттыыр личииҥкэлээх үгүс көрүҥнэр бааллара биллэр. ББЕ З