Перевод с якутского
кынаттаа
туохтуур
Нууччалыы приделать крылья
1 туохтуур #
Кынат оҥор, кынаттаах гын
Нууччалыы Приделать крылья
Сөмөлүөт мадьыалын чараас кумааҕынан кынаттаата
2 туохтуур #
Муҥха ийэтин икки ойоҕоһунан кынат оҥор
Нууччалыы Делать крылья из сетевой дели по обеим сторонам мотни невода
Кылахтаһан-кылахтаһан Кыл, сиэл мунньунан, -- Быа-туһах тэринэн, Үс сыл өрдөрөн, Биэс сыл бэрийтэрэн, Отут былас кынаттаан, -- Баҕадьы тэриннэ Болот Боотур
3 туохтуур #
Күүстэ ук, сүргэтин көтөх, өрө күүрт
Нууччалыы Вдохновлять, воодушевлять, поднимать дух, подбадривать
Кини [салайааччы] хайҕабыла мээнэ буолбатах: кынаттыыр, үлэһити үөрдэр-көтүтэр. ПБН КДьСО. Бастакы ситиһии мэлдьи кынаттыыр, өрө көтөҕөр уонна инники хардыыларга модьуйар. ПА. Кинигэм туһунан саха биллиилээх поэта Күннүк Уурастыырап "Сэмэй тыл күүһэ" диэн ыстатыйата миигин улаханнык кынаттаабыта ОАП ОДьТС