ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кынтай

туохтуур

Нууччалыы быть, казаться стройным с высоко поднятой головой на вытянутой шее

1 туохтуур #

дьүһ. туохт

  • Урууга-ыһыахха биирдэ эмэтэ көрөн аһардахха, дьэ, кынтайан, олох улуус суруксутун ойоҕунуу улаханнык туттар хотун баар дии.
    Болот Боотур
  • Сыһыы ньаарсын отун кэһэн, Хааман кынтай, сотоҕун, Үкэр оргууй имэрийэн, Өссө ордук тупсуоҕун.
    М. Ефимов
  • Бадараан кытыыларыгар чөкчөҥө көтөн, кутуруга туртайбытынан кынтайан тиийэн, чугас-чугас түһүтэлиир
    Д. Таас

2 туохтуур #

Төбөҕүн чоноччу туттан, моонньугун уһатан, үрдээн чынайан көһүн

Нууччалыы Быть, казаться стройным с высоко поднятой головой на вытянутой шее

3 туохтуур #

Көбүс-көнө, үрдүк буол (хол., мас-от)

Нууччалыы Быть стройным, высоким, вытягиваться вверх (о растениях)

  • Кындал сиргэ кынтайбыт, Көстөөх сиртэн күндээрбит Кулууп дьиэҕэ ыччаттар Куруук мустан оонньууллар. Нор. ырыаһ. Кыыс курдук сардаана Кынтайа сандаарар.
    Е. Васильев
  • Кыыс оҕолуу кынтайбыт хатыҥ барахсан туналыйар.
    ХС
  • Ср. кирг. кынтый перен. 'быть аккуратным, подобранным, приятным для глаза, красивым'

«К» буукуба