Перевод с якутского
кыптыый
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы ножницы.
English scissors
1 аат тыл #
Тиэрбэстии быһыылаах уктаах, икки уһун чараас тимири кириэстии холбоон оҥоһуллубут кырыйарга аналлаах биилээх туттар сэп
Нууччалыы Ножницы. "Кыыс оҕоҕут Кута-сүрэ буоллун", - диэн, Сытыы кыптыыйы Хаҥас хоннох анныгар Өрө кыбыннарда. Саха нар. ыр. II. Мавра сыппах кыптыыйа таҥас кырыйан чылыгырыыра иһиллэр. М. Доҕордуурап. Сиэбигэр баар кыракый кыптыыйын туппахтыы турбахтаабыта, онтон Софья өрүүлээх баттаҕын аҥаарын сүр түргэнник быһа кырыйан кэбиспитэ. А. Сыромятникова. Ср. др. -тюрк. кыпты, хыпту 'ножницы'
2 даҕааһын #
суолт. Кыптыый курдук быһыылаах, кыптыыйга маарынныыр
Нууччалыы Похожий на ножницы, в виде ножниц
Хаа-дьаа кытыл кумахтарыгар киирэн тугу эрэ тоҥсуйа олорор суордартан ураты кыптыый кынаттаах хамсыыр- харамай көстүбэт. Н. Якутскай Кыптыый курдук кынаттаах көтөх тыыраахылар өрүһү үөһүнэн сундулуйан эрэр өрүс тырамбаайын, аны биһиэхэ балыгы ытыйан таһааран абыраарай диэн эрэммиттии аймана атаардылар Н. Габышев
3 этии #
Кыптыый кырадаһыннаспыкка дылы - кыраны, дуона да суоҕу аахсар, кыраны да былдьаһар, хомуйсар (киһи майгытын туһунан) Кыптыый кырадаһыннаспыкка дылы ама күрдьэх угун көрдөһө-ааттаһа сылдьыам дуо? Кыптыый кыраһына эргэр., харыс т. - саҥа төрөөбүт кыыс оҕо. Новорожденная девочка
Нууччалыы Склонный к крохоборству, мелочный. (букв. подобно тому, как выпрашивать обрезки материи)