ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кырамта

аат тыл

Нууччалыы звездочка у наконечника стрелы

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

харыс т., бэй. туһ. Былыргы оноҕос эбиэнин, охсорун ырбата

Нууччалыы Звездочка у наконечника стрелы

2 аат тыл #

харыс т. Илии, атах уҥуохтара (үксүгэр тарбах, хары о. д. а. кыракый, синньигэс уҥуохтарын этиллэр)

Нууччалыы Косточки (обычно о мелких косточках конечностей)

  • Кырамта алдьаныыта, искэн эҥин эбитэ буоллар, ол эмчит көмөлөөх буолуо этэ
    Н. Якутскай

3 аат тыл #

Өлбүт киһи, кыыл, көтөр алдьаммыт уҥуохтара; уҥуох урусхаллара, бытархайдара, тобохторо

Нууччалыы Останки людей, зверей, птиц; остатки, обломки костей

  • Сирэйин мутукка анньа сыһа-сыһа харбыалаһан, иһирдьэ дьиэллигэс баарыгар өҥөс гына түспүтэ: сүөһү кырамтата бу ыһылла сытара.
    Болот Боотур
  • Күһүн сир тоҥорун кытта доҕорум уҥуоҕун хостоон, кырамталарын булан, аҕатын аттыгар аҕалан көмпүтүм.
    М. Доҕордуурап
  • Былыргы үйэтээҕи оргуллар омоонноругар таас, муос маллар тоһоҕосторо, кыыл уҥуоҕа, көтөр кырамтата көстүтэлииллэрэ.
    П. Филиппов
Өссө холобурдар (1)
  • Кини аймахтара өлбүт сиригэр кырамтатын хаалларар санаалааҕа
    ХС

4 аат тыл #

Туох эмэ үлтүркэйэ, бытархайа, эмтэркэйэ (үксүгэр алдьаммыт, ыһыллыбыт мал, техника эҥин туһунан)

Нууччалыы Обломки, осколки каких-л. предметов (напр., утвари, орудий, техники)

  • Полевой итиэннэ самоходнай артиллериялар хампарыйбыт кырамталарын ааһыталаатыбыт.
    И. Никифоров
  • Аҕам оҕонньор эрэйдээх, Аарыма тайҕаны арҕарбыт Хайыһарын кырамтата Ханыылаһан киирдэҕэ.
    С. Васильев
  • Ыркый ойуур үмүрүччү үүнэн киирбит ырааһыйатыгар кыстык угун саҕа туруорбах балаҕан, ааспыт кыһалҕалаах олох кырамтата буолан, барыйан көстөр
    Сэмээр Баһылай

«К» буукуба