ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыраҕы

даҕааһын

Нууччалыы далеко видящий, острый, зоркий

Ис хоһооно · 6

1 даҕааһын #

даҕ

  • Кутун-сүрүн Кубулутан иҥэрбит Кыһыл көмүс сыаҕайы Кыраҕы харахпынан Кыҥаан эрэбин.
    П. Ойуунускай
  • Боруҥуй да буоллар, кини кыраҕы хараҕа сытыытык көрөр.
    В. Протодьяконов
  • Көтөрдөр олус кыраҕылар. Холобур, сыһыы үрдүнэн кый үрдүккэ элиэтии сылдьар хотой от быыһынан сүүрэн эрэр кутуйаҕы тэһэ көрөр.
    ББЕ З

2 даҕааһын #

Ырааҕы, кыраны үчүгэйдик таба көрөр, сытыы харахтаах

Нууччалыы Далеко видящий, острый, зоркий (о глазах человека и животных, птиц)

3 даҕааһын #

Кыраны да бэлиэтии, таба көрөр

Нууччалыы Внимательный и зоркий (о глазах), наблюдательный

  • Күндү ыалдьыт хараҕа Кимнээҕэр да кыраҕы, Таба көрө охсуоҕа Ырбаахыҥ абыраҕын.
    И. Гоголев
  • Кини кыраҕы хараҕа, чуор кулгааҕа барыны көрөр-истэр.
    Болот Боотур
  • Кылтааһап кыраҕы харахтааҕа, кини көрө охсубута
    В. Гаврильева

4 даҕааһын #

Бэргэн (сааһыт туһунан)

Нууччалыы Меткий (о стрелке)

  • "Кыылы харахха табар кыраҕы ытааччы!" - дэтэриҥ.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Бээтинсэм кыраҕы ытааччы буолбута, онон киниэхэ эмиэ сэбилэнэригэр соруйдум. Д. Дефо (тылб.)

5 даҕааһын #

Сэргэх

Нууччалыы Бдительный

  • Эһэ хайа курдук Кыстаммыт хаһаас Кыраҕы харабылынан Саһыл кыылы анаабыт. ПИИ К. Кини [Серго] ааспыт хаатыргатыттан, билиҥҥи былааһыттан, политическай өттүнэн кыраҕытыттан, Лениҥҥэ -- чугаһыттан куруутун арыт дьулайар дьонтон, биһигиттэн, арыый саамай эдэр да курдук буолара. СОТА. Кинилэр [манабыллар] кыраҕы харахтарыттан бэл улахана суох этэрээт саһарыгар ыарахан
    ЛВИ БУӨ

6 даҕааһын #

Олус болҕомтолоох, сыыс түһэрбэт

Нууччалыы Проницательный, острый, пристальный

  • Уйбаан итинник кыраҕы көрүүлээҕин, уйан сүрэхтээҕин, киһини долгутардык суруйар дьоҕурдааҕын билбэккэ сылдьыбыппын кэлин санаатым.
    В. Сыромятников
  • Чахчылаах талаан баар буоллаҕына, ону норуот булгуччу бэлиэтиир, кини ити туһугар олус сэргэх уонна кыраҕы.
    ХС
  • Карикатура общественнай итэҕэстэри сытыытык көрөргө, дириҥник сыаналыырга, онон эстетическэй кыраҕыга иитэр. ВГМ НСП
    Т. Ср
Өссө холобурдар (1)
  • казах. кыраҕы 'дальнозоркий'

«К» буукуба