Перевод с якутского
кыраһа
аат тыл
Нууччалыы пороша.
1 аат тыл #
Саҥа түспүт чараас сыа хаар
Нууччалыы Пороша. Аҕыйах хонукка көмнөҕө суйдаммыт ойуурунан, саҥа кыраһа хаарынан хаамар ама туохха тэҥнээх буолуой? Софр. Данилов. Бөлүүн түспүт саҥа кыраһаҕа сабыллан, эбэ үп-үрүҥ, муус маҥан буолан, ол илиҥҥи булгунньаҕы сыттанан нуктуу сытарга дылы. Н. Заболоцкай. Кыра оҕо атаҕын суолунан Кыраһа кырса ойууламмат буоллаҕына, - Кырпай хаар түспэтин даҕаны. С. Васильев. Бөлүүн кыраһа хаар түһэн суолу-ииһи чараас үрүмэлии бүрүйбүт. "Кыым". // Сири эрэ сабар, туртатар, маҥнайгы чараас хаар. Первый снег. Кытыт биэни Кыыс бэрбээкэйинэн Кыраһа хаар түспүтэ. П. Ойуунускай. Күһүҥҥү маҥнайгы кыраһа хаар Саха тыа кыраайын маҥхаппыт. Эллэй. Кыраһа хаар түстэр түһэн, Кыһын буолан испитэ. Күннүк Уурастыырап. Ср. казах. караша 'первый снег'
2 этии #
Көмүк кыраһа - хойуутук, өлгөмнүк түһэр хаар Түүмэх кыраһа - кыыдамнаан түһэр хаар. Редкая, негустая едва покрывающая землю; пороша, слабый сверкающий снегопад. Үүт кыраһа - кыра кыырпахтаах хойуу тунаархай хаар. Мелкий молочный снег; мелкий густой молочный снегопад. Тоҕус уолгут ортотугар төрөөбүт, Үүт кыраһа хаарга Үктэммит суола көстүбэт Үрүҥ Үүкэйдээн -- Албан аатын ааттаан кэллим. ТТИГ КХКК
Нууччалыы Густой мягкий снег, густой снегопад