ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кырбан

Нууччалыы изнывать от безделья

этии

Баһын кырбана олорор - тугу да гыныан булбат, туох да дьарыга суох Түөһүн кырбанар - 1) кэрээнэ суох киһиргиир, бэрдимсийэр, киһиргээн айдаарар. Наглый бахвал (букв. бьет себя в грудь). Аргыый буол, дьон истиэхтэрэ. Киһи бөҕөҕүн. "Мин да мин," - дии-дии түөскүн кырбанаҕын. Н. Лугинов; 2) муҥура суох кэмсинэн сордонор-муҥнанар (туох эрэ ыар айыыны-буруйу оҥорон). Отчаянно раскаиваться, считать себя несчастным (от содеянного). Хараҥа, халыҥ айыыларгыттан кэмсинэн Куура хаппыт илиигинэн этирик түөскүн Дар-дар кырбана-кырбана ытыыгын. И. Гоголев

Нууччалыы Изнывать от безделья (букв. сидит, колотя свою голову)

  • кырбаа диэнтэн бэй., атын туһ. Буруйа суох уолаттар охсулуннулар, Кыттыгаһа суох кыргыттар кырбаннылар.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • [Огдоос:] Хантан кэлиэй табах, арай бу уҥуох тоһоҕоһо баар, ону кырбанан тарт.
    А. Софронов
  • Өр-өтөр буолбата, иһит-хомуос тыаһаата, остуолга өрөһөлүү сылгы тоҥ хаһата, быара кырбанан, буспут эмис этэ, хартата, хаана тардылынна.
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
  • Үрдүк сүүһүн ньылаччы туттан, икки илиитинэн икки өттүгүн ибили кырбанан Нил Нестерович бу киирэн кэлбитэ. "ХС"

«К» буукуба