Перевод с якутского
кырбал
аат тыл
Нууччалыы отрезок; кусочек чего-л. мелко нарезанного, нарубленного
1 аат тыл #
Туох эмэ бытархай гына кырбаныллыбыта, кырбастаммыта
Нууччалыы Отрезок; кусочек чего-л. мелко нарезанного, нарубленного
Аны бэл ынахтар сайданнар, Гидропон, мутукча, Соломо, кырбал от, лабыкта -- Үтүмэн аһылык буоллаҕа. ХС Киэһээ аһылыктарын иннинэ хас биирдиилэрэ табах, дьуукала кырбалын ылан арҕахха куппутттара ХС
2 этии #
Кырбал үөрэ - кыра гына кырбаан, мииннээн буһарыллыбыт эт
Нууччалыы Мясная похлебка
3 аат тыл #
, кэпс. Сынньыллыы, таһыллыы, охсуллуу
Нууччалыы Побои, битье, порка
Бу уол үөҕүү быдьарын истэн, кырбал кытаанаҕын көрөн улааппыт. Софр. Данилов. Кэлин, эппиэттээн кырбалтан син-биир быыһамматын өйдөөн, өсөһөн, кини тугу да саҥарбат буолбута. Софр. Данилов. Хомуска оонньуурбун, хоһуйан туойарбын Таһыыртан, кырбалтан таһыччы умуннум. Т. Сатылганов (тылб.)