Перевод с якутского
кэрчик
аат тыл
Нууччалыы обрубок, отрезок
1 аат тыл #
Туох эмэ уһун ньолбуһах кылгас гына быһыллыбыт лоскуйа (хол., суон дүлүҥ, халбаһы о. д. а.)
Нууччалыы Обрубок, отрезок (обычно чего-л. продолговатого)
Ньукулаас остуолга -- үөлүллүбүт икки улахан собону уонна халбаһы кэрчигин уурда. С. Никифоров Дьиэлээх киһи ыалдьытын саҕынньаҕын уһулла, уот иннигэр кэрчик олоппоско олорто. И. Данилов Буспут хортуоппуйу, дьаабылыканы, оҕурсуну, моркуобу ыраастаан баран кэрчик-кэрчик гына эбэтэр уһаты кырбыыллар. ФВН ТС
2 аат тыл #
Туох эмэ сорҕото, быстаҕа, лоскуйа
Нууччалыы Часть, отрезок чего-л. (напр., пути)
Киһи олоҕо - Кэрчик кэм чыпчылаҥа. Л. Попов Даҕаамыр соҕотоҕун этии кэрчигэ буолар. АНВ СТУ. Кыратык тыын ыла түһэн баран, суолларын тиһэх кэрчигин дьулуруччу туоруохтаах этилэр. К. Турсункулов (тылб.) мат. Икки туочука икки ардынааҕы кылгас сурааһын. Θ Короткая линия между двумя точками, отрезок. Кэрчик устатын буларга кини уҥа уһугун координататыттан хаҥас уһугун координататын көҕүрэтиллэр ВНЯ М-4
Өссө холобурдар (2)
Үүнээйини умнаһынан олордорго быһыллыбыт сорҕото, сотото. Θ Черенок (растения). Кэрчиктэринэн ууһатыыны сады итиэннэ сибэккини үүннэриигэ киэҥник туттуллар. КВА Б. Ср др. -тюрк. кертик, кертүк 'зарубка'