ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сынньыы

аат тыл

Нууччалыы побои, избиение кого-л

1 аат тыл #

Кими эмэ охсуу, тэбии, кырбааһын, таһыйыы

Нууччалыы Побои, избиение кого-л

  • Быһах биир өттүнэн биилээҕэ, өнчөҕө халыҥ этэ, хара үөстээҕэ, быһыта сынньыы ойуулааҕа.
    Далан
  • Сынньыыттан көхсүгэр чэр бааһа, Оспокко, ол курдук хаалбыта.
    Эрилик Эристиин
  • Мин, аны санаатахпына, олус да баттыгаһы ааспыт эбиппин -- Сынньыы, мөҕүү, сор-муҥ ортотугар оҕолоно-уруулана сылдьарым
    Эрилик Эристиин

2 этии #

Нууччалыы Молотьба хлеба

Этиилэр

Бурдук сынньыыта

бурдугу астааһын (куолаһыттан туорааҕын араарарга бурдук түүтэҕин илдьи охсуу, кэбии) Күһүн хойукка диэри бурдук астааһына, сынньыыта буолара.

  • ХБИДК. Кубань хонууларыгар бурдугу субууттан хомуйууга уонна сынньыыга саҥа ньыма туттуллар.
    ЭБТ

«С» буукуба