ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кырбадаһын

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы что-л. мелко нарезанное, нарубленное

I

1 аат тыл #

Туох эмэ кыра, бытархай гына быһыллыбыта, кэрчиктэммитэ

Нууччалыы Что-л. мелко нарезанное, нарубленное

  • Табаҕы ыла охсон, чубуугун кырбадаһынын кытта булкуйар
    Л. Габышев
  • Уот, кыым бытархайа. Θ Искры, осколки света, огня. Фашистар сырдатар ракетаны бырахтылар. Сырдык кырбадаһыннарынан таҥнары саккыраамахтаан баран, уот хабах уостан, ньимис гынан хаалла
    Амма Аччыгыйа

2 даҕааһын #

суолт. Тэбис-тэҥ, кыра уҥуохтаах

Нууччалыы Миниатюрный; все одного маленького роста (о ком-л. во мн. ч.)

  • Орто түһүлгэ дойдум Отун-маһын иччилэрэ Оһуор-бичик Ньылахсын уолаттар, Ойуу-бичик Кырбадаһын кыргыттар!
    П. Ойуунускай
II

3 даҕааһын #

, кэпс. Мындыр өйдөөх, ону-маны бытархайыгар тиийэ сиһилии билэр, көрөр

Нууччалыы Проницательный, наблюдательный; предусмотрительный; вникающий в каждую мелочь

  • Барыны бары билэ-көрө сылдьар кырбадаһын хамначчыт чахчы кистэммитин билэр буолан сыратын ыыппыта.
    Далан
  • Лөгөнтөй, кырбадаһын киһи эрэ өтө билэр гына, уҥа дьабалдьыта ибигирээн, уҥуоҕа хамсыы түһэн ылла.
    Р. Кулаковскай
  • Суоһар да суол буолар эбит -- уонунан кырбадаһын харах көрүүтүн уйан, туохха да кыаҕа-күүһэ суох, быыкайкаан куобахчаан оҕотун курдук илибирии-салыбырыы турар диэн
    В. Яковлев

«К» буукуба