Перевод с якутского
кырдьыктаах
даҕааһын
Нууччалыы правдивый, справедливый, искренний, истинный (о содержании чего-л
Ис хоһооно · 5
1 даҕааһын #
даҕ
Кырдьыктаах кириитикэ. Суукка кырдьыктаах көрдөрүү. Остуоруйа да сэһэнэ кырдьыктааҕын Оройдоон билбитим. С. Зверев Ол эн Байбалыҥ эппитэ диэн, туох кырдьыктаах сэһэн буолуо үһү. Н. Түгүнүүрэп
Өссө холобурдар (1)
Арай, биири этиэм этэ - Сергей бүүс-бүтүннүүтэ кырдьыктааҕы этэр уонна мин этэрим суох В. Яковлев
2 даҕааһын #
Кырдьыгы этэр, көрдөрөр; дьиҥ олоххо баарга сөп түбэһэр, сымыйата суох
Нууччалыы Правдивый, справедливый, искренний, истинный (о содержании чего-л.)
3 даҕааһын #
Дьиҥ кырдьыкка, баар чахчыга сөп түбэһэр; сөптөөх, көнө
Нууччалыы Соответствующий истине, беспристрастный, справедливый
Эһиги көнө, кырдьыктаах дьүүлгүт иһин махтанабын. Эрилик Эристиин Норуодунай сэтээтэллэр кырдьыктаах дьүүлү олоххо киллэриигэ судьуйа бары бырааптарынан туһаналлар САССРК
4 даҕааһын #
Кырдьык, көҥүл туһугар туруулаһар, көмүскүүр; сокуонунан, чиэһинэн салайтарар
Нууччалыы Осуществляемый на законных и честных основаниях; отстаивающий правду, свободу
Ылыммыт дьыалабыт кырдьыктаах, Соруммут суолбут соргулаах. Нор. ырыаһ. Кырдьыктаах өттө төһөҕө да кыайар, кырдьыктаах өттүгэр сырдык күүс кыттыһар. Т. Сметанин Чехия норуотун маассалара кырдьыктаах сэриини – ийэ дойду тутулуга суох буоларын иһин, баттааччылары утары сэриини ыыппыттара. АЕВ ОҮИ. Үгүс гуманист суруйааччылар -- кырдьыктаах тутул туһунан баҕара саныыллара АЕВ ОҮИ
5 даҕааһын #
Дьиҥ суолталаах, быһаарыылаах
Нууччалыы Имеющий важное значение, значимый, решающий. [Ааныс] Бүөккэ уолу хас сүүстэ муннукка хаайбыта, оттон дьэ кэлэн кырдьыктаах кэпсэтиигэ тугу да булан эппэтэ
А. Сыромятникова А. Сыромятникова