Перевод с якутского
кыртас
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы чистый-пречистый, ослепительно чистый
1 даҕааһын #
Былыта эбэтэр биир харата, чуоҕура суох, ып-ыраас ис-иһиттэн сырдыыр, сыдьаайар
Нууччалыы Чистый-пречистый, ослепительно чистый (без единого пятнышка)
Маҥан биэ мааныта, Кыртас биэ кымыһа – Сэттэ сиринэн сиэллээх Сири иһит сириэдийбит, Тоҕус сиринэн ойуулаах чороон иһит чуоҕуйбут эбит. Саха фольк [Чыычаах] кыыртаах кыртас халлаан кыскыырын куоппута
Суорун Омоллоон
2 аат тыл #
Өрт уота сиэн, куруҥунан бүрүллэн турар хайа, булгунньах
Нууччалыы Гора или любое возвышенное место с сухостоем, образовавшимся вследствие лесного пожара
Арай ыраах кыртастар куруҥнара Кубулуйбакка кубарыһан көстөллөр Л. Попов
3 аат тыл #
Өрүс, үрэх быста турар эмпэрэ үрдүк сыыра
Нууччалыы Высокие, обрывистые берега рек
Ол кыртас үөһэ баара Мохсоҕоллор уйалара С. Данилов