ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кылбардык

Нууччалыы чистотой, ярко, ослепительно

Ис хоһооно · 4
I

1 #

сыһ

  • Халлаан тууйуллубут тыына тахсан, бэҕэһээҥҥини-бөлүүҥҥүнү бүтүннүүтүн мэлдьэһэн кэбиһэрдии кылбардык дьэҥкэрбитэ
    ХС

2 #

Ып-ыраас гына (буола), чаҕылхайдык

Нууччалыы Чистотой, ярко, ослепительно (сиять)

3 #

Олус үчүгэйдик, сатабыллаахтык

Нууччалыы Искусно, умело, мастерски

  • "Намыһах стойкалаах буолан атаҕын биэрбэт, оттон бэйэтэ олус кылбардык атахтыыр, онтон сэрэнээр", - диэбитэ Борис Васильевич.
    Н. Лугинов
  • Баар, баар улуу мүнүүтэ! Ол түгэҥҥэ сып-сырдык Иэйии бэйэтэ, Хоһоон төрүүр кылбардык!
    И. Гоголев
  • Кини нуучча тылын кимнээҕэр даҕаны бэркэ билэрэ, бу тыл өҥүн-дьүһүнүн, амтанын музыкант дорҕоону араарарын курдук, кылбардык билэрэ
    Кыым
II

4 #

, түөлбэ. Эрэйэ суохтук, ыалдьыбакка, чэпчэкитик (дьахтар төрүүрүн туһунан)

Нууччалыы Легко, без всяких осложнений (о роженице)

  • Даарыйа тутта-хапта сылдьарын курдук чэпчэкитик, этэллэринэн, кылбардык оҕолонно.
    Э. Соколов
  • Харитина Ивановна улаҕа диэки хайыһа сытан-- санаата: "Хайа дьоллоох дьахталлар кылбардык төрүүллэрэ буолла? Мин төһө эрэйдэниэхпиний?"
    И. Егоров

«К» буукуба