ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кырымах

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы первый осенний мелкий снег, пороша

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Күһүн маҥнай түһэр кыраһа хаар

Нууччалыы Первый осенний мелкий снег, пороша

  • Кырымах хаар түспэтэх, Кыһын диэн кэлбэтэх.
    П. Ойуунускай
  • Кырымах хаар устун туһаҕым диэки сүүрдүм.
    Т. Сметанин
  • Бу орто туруу бараан дойдуга кырыа кыһын, кырымах хаар түспэккэ, кыһына суох самаан сайын эрэ саргыланыах этэ
    Г. Угаров

2 аат тыл #

Хараҥа дьүһүннээх кыыл кылааннаах сэдэх маҥан түүлэрэ

Нууччалыы Проседь (в мехе), шерсть с проседью

  • Кырса кыыл кырымаҕа.
    Н. Якутскай
  • [Саһыл:] Долгуннурар түүлэрбит Толбонноро тубустун, Кылааннардаах уорҕабыт Кырымаҕа хойуннун.
    Н. Ефремов
  • Кырымахтаах хара саһылга кырымаҕын бырыһыанын быһаараллар
    КИиЫ
Өссө холобурдар (3)
  • Кыынньар долгунун кыйдаан Кырымах кумаҕы сынньа, Кынчаал биитинии кылбаҥнаан Кытылын быһыта анньа, Кыыһырбыт курдук Дьааҥы Кытыаста умайа устар.
    М. Ефимов
  • [Кынаттардаах аалларбыт] Кыталыктыы көттүлэр Кырымах таас үрдүгэр... Кынтас гына түстүлэр.
    В. Чиряев
  • Ср. монг. кирмах 'первый, мелкий снег'; казах. кырбак 'пороша, снежная крупа'

3 даҕааһын #

суолт. Кыра, бытархай (таас, кумах туһунан)

Нууччалыы Мелкий, зернистый (о песке, мелких камешках)

4 этии #

Кырымах былыт - чараас, онон-манан бысталаммыт былыт Аһаҕас халлаан тыалыттан Арҕаа хайа үрдүнэн, Кырымах күөдэл былыттар Кыйаар күөххэ көттүлэр. И. Чаҕылҕан

Нууччалыы Тонкие прозрачные перисто-слоистые облака

«К» буукуба