Перевод с якутского
кыспа
аат тыл
Нууччалыы сухие щепки, специально заготовленные для разжигания огня. [Үүтээн] тимир оһоҕун аттыгар оттор мас, уоккун күөдьүтэргэр кыспа бэлэмнэммит
1 аат тыл #
Уоту күөдьүтэргэ анаан чараас гына тыырыллыбыт эбэтэр кыһыллыбыт кураанах мас
Нууччалыы Сухие щепки, специально заготовленные для разжигания огня. [Үүтээн] тимир оһоҕун аттыгар оттор мас, уоккун күөдьүтэргэр кыспа бэлэмнэммит
[Булчут] оллоон аттыгар кыспа кыһан, куурбут маһы чөмөхтөөн хаалларбыт. И. Гоголев Степа кыспатыгар испиискэнэн уот анньан баран, күөдьүйэрин кэтэһэн турда. И. Сысолятин Тэҥн. чыыппаан
2 аат тыл #
Маһы кыһартан тахсыбыт бөх-сыыс
Нууччалыы Стружка. Абрам кыспыт мастарын ороҥҥо уурар, Акулина кыспаны харбыыр. Дьүөгэ Ааныстыырап
3 этии #
Кыспа бэс - кыра лоскуй курдук сулуйан ылан, хааһахха симэн, аһылыкка анаан хаһааныллыбыт бэс сутуката Бэстээһин үс көрүҥнээҕэ: кыспа бэс, таҥыы бэс уонна туорум бэс. ФГЕ СТС
Нууччалыы Заготовленные на зиму для употребления в пище тонкие, мелкие стружки нежной коры сосны