Перевод с якутского
кытары
кэнники тыл, туохтуур
Нууччалыы вместе с, совместно с
English with
Ис хоһооно · 12
1 туохтуур #
дьөһ. (туохт. уонна таһ. түһүгү кытта тут-лар)
Сеня икки күн устата уруккутун өссө чиҥэтэн лигиччи ааҕан баран, атын группалары кытары туттарса барда.
Н. Лугинов[Кэтириис:] Ол оннук үөрэхтээх дьахтар, ама, биһигини кытары олорбот да баҕайыта ини С. Ефремов Арыаллааһын суолтата дэгэттэнэр. Θ Имеет оттенок значения совместности или сопровождения кого-чего-л. Ньукулаас дэлби иирсэн хаалбыт илимин, иҥнибит аҕыйах бытархай балыгын кытары суулуу тутан, тыытыгар бырахпыта. С. Никифоров
Өссө холобурдар (2)
Куукалкатын кытары Валя дьүөгэм киирдэ, Киниэхэ мин дьоһуннаан Кэпсээн биэрдим барытын. Т. Сметанин Бэйэҕин кытары Аҕалыаҥ, Биһиэхэ Эн үрдүк үөрүүнү А. Абаҕыыныскай
2 туохтуур #
Хайааһын кими, тугу эмэ кытта бииргэ оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар
Нууччалыы Употребляется при обозначении предмета или лица, принимающего совместное с кем-чем-л. участие в данном действии (с)
3 туохтуур #
Хардарыта оҥоһуллар хайааһыҥҥа кыттыһар кими, тугу эмэ бэлиэтииргэ туттуллар
Нууччалыы Употребляется при обозначении предмета или лица, участвующего во взаимном, обоюдном действии (с, вместе с)
Мөккүс дириҥ санаалаахтык Доҕор дьонноргун кытары, Мөккүс хоһууннук, тыйыстык Өстөөхтөргүн кытары. С. Данилов Эн хаһан даҕаны миигин кытары истиҥник кэпсэппэт этиҥ. С. Ефремов Онтон Манчаары диэки санаалаахтар, баай баттыгаһын өйдөөччүлэр кинини кытары кэпсэтэр, сибээстэһэр, сүбэлэһэр буолбуттар МНН
Өссө холобурдар (4)
Быһаарар суолта дэгэттэнэр. Θ Имеет оттенок определительного значения. Маассаны кытары сибээһи күүһүрдүөххэ. Талааннаах педагог оҕону, дьону кытары ханнык да үлэттэн чаҕыйан турбат, салҕар диэни билбэт ЧКС ЫаЫЫ Хайааһын туһуламмыт предметин бэлиэтиир дэгэттэнэр. Θ Имеет оттенок значения направленности действия на объект. [Преподаватель сочуоту туруоран кэбиһэр] үксүгэр наһаа "настырнай" устудьуону кытары түргэнник арахса охсор баҕаттан.
Н. ЛугиновУолан киһи, оҕо сааһа ааһан, уҥуоҕа кытаатан, хаана-сиинэ кэйэн, сул тиити кытары туста оонньуур буолбут Н. Павлов
4 туохтуур #
Хайааһыны оҥорууга туһаныллар предмети бэлиэтииргэ туттуллар
Нууччалыы Употребляется при обозначении предмета, с помощью которого осуществляется действие (с, на)
Уолбут дириэктэр массыынатын кытары барыста. Оттон куораттыыр оптуобуһу кытары кэлиэхпит буоллаҕа дии. Тэрээккин кытары Тииттэри суораҥҥын, Титииги, ампаары Тэрийдиҥ, оҥордуҥ! Эллэй
5 туохтуур #
Хайааһыны арыаллыыр атын хайааһыны, туругу бэлиэтииргэ туттуллар
Нууччалыы Употребляется при обозначении действия, состояния, сопровождающего другое действие (с)
Ити тулаайах кыыһым эппит итэҕэлэ Илэ-чахчы кэлиэ диэн, Эрэлбин кытары ийэ дойдум диэки Иэнигийэн иһэбин. С. Зверев Өйдүүгүөн, эрэйгин кытары Устубут бэрт элбэх сыллары? Эллэй. Ыркый ырыатын кытары -- Ыраах аартыгы булаары, Хаҥыл буулуур аппынан Хара тыалары тэллэрэн, Хаамыы, сэлии иккинэн Хабылыннаран иһэбин С. Данилов
6 туохтуур #
Хайааһын туох эмэ адьас аттыгар эбэтэр сэргэстэһэ оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар
Нууччалыы Употребляется при обозначении близости или смежности предмета к месту совершения действия (с)
Киирэр ааны кытары уҥа вахтер остуола, сыһыары кинигэ ыскааба турар. Н. Габышев Киирэри кытары утары турар ааҥҥа ким эрэ ньимис гынан эрдэҕинэ, сиирэ-халты харбаан, Арбатскай кэбиниэккэ көтөн түспүтэ В. Яковлев
7 туохтуур #
Хайааһын тугу эмэ кытта биир кэмҥэ, тута оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар
Нууччалыы Употребляется при обозначении действия, события, явления, с наступлением которого одновременно совершается другое действие (с). [Дьахтар] саҥа күнү кытары Сарсыныгар эрдэ туран, Биргинэхтээх сайылыгар Хоту тумул аннынан Хобуохайдыы турбута
Оҕом, бары от-мас көҕөрүүтэ, манчаары от үүнэн эрдэҕинэ, ону кытары бу тэҥҥэ көһүннэҕэ, онон кини аата Манчаары диэн буоллун МНН
8 туохтуур #
Ким, туох эмэ атын предмеккэ ханнык эмэ сыһыаннааҕын бэлиэтииргэ туттуллар
Нууччалыы Употребляется при обозначении предмета, лица, к которому имело какое-то отношение другое лицо или предмет (с)
Ганс бэйэтин урут билсибит дьахталларын кытары кинини тэҥнии саныыра.
Суорун ОмоллоонКыыһы кытары маҥнайгы сыһыаны олохтуурга, төһө сатыыргынан болҕомтону тардардыы, таайтарыылаахтык, имэҥнээхтик көрөҕүн
Н. Лугинов
9 туохтуур #
Хатыланар ааттары кытта ким, туох эмэ туохха эмэ кубулуйуутун бэлиэтииргэ туттуллар
Нууччалыы В составе повторяющихся имен указывает на превращение одного предмета в другой (с)
Оҥхой курдук алаастар үрдүлэригэр эргэ, сиҥнэн эрэр эбэтэр сиҥнэн бүппүт былыргы өтөхтөр, баҕар сарсын, баҕар өйүүн буору кытары буор буолан, олоччу симэлийиэхтэрэ В. Гаврильева
10 туохтуур #
Хайааһын тугу эмэ киллэрэн туран ситэри оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар
Нууччалыы Употребляется при обозначении включенности чего-л. в сферу действия, выражая степень и предел этого действия (включая)
Мантан [уу тоҕо охсоруттан] сэрэнэн, тутааччылар өрүс аннын кытары бөҕөргөтөргө күһэллибиттэрэ.
Суорун ОмоллоонИйэ дойдубут ыҥырар: Чэйиҥ, кэтэ тардыҥ, бары Кынаттаах кыылы кытары Сырсан ситэр хайыһары! Эллэй. Киһи дьоло - оҕотугар. Микиитин оҕолорун дьоллорун туһугар барытын, кыайарын барытын, кыайбатын кытары биэрбитэ В. Гаврильева
11 туохтуур #
Ситим тыл суолтатыгар туттуллан, бириэмэ салаа этиини тутаах этиигэ холбуур
Нууччалыы Употребляясь в значении союза, присоединяет придаточное предложение времени к главному (как только)
Панас, Оксана уон икки саастаах быраата, эдьиийэ этэрин кытары, хап-сабар дьиэ таһыгар тахсан хаалбыта.
Суорун ОмоллоонЭтээччи бүтэрин кытары, Эрчимнээх ураабыт ньиргийдэ. Күннүк Уурастыырап Оҕонньордоох эмээхсин бэрт өр сүбэлэһэн, санаа дьулуура, сүрэх баҕата оҥостон, Өлөксөөстөрө уон сааһын туоларын кытары, ыал нэһилиэктэригэр оскуола аһыллыбытыгар үөрэттэрэ биэрбиттэрэ А. Бэрияк
12 #
эб. Саҥарааччы этэр санаатын күүһүрдэрин көрдөрөр
Нууччалыы Выражает субъективное усиление высказываемой мысли (и, тоже)
Оттон Түүлээх: - Бу Наһаары кытары сылдьыспыта, - диир күннээх буоллаҕына, - Бу киһи миэхэ төрүт өстөөх этэ, - диэн этэргэ олоҕун оҥостон, бүгүн кинини кытта тото этиһиэх буолан иһэр.
Суорун Омоллоон[Туруйаҕа] Хонуу көтөрө бары Хоҥкуйан сүгүрүйэн барбыт, Уу көтөрө кытары Уруйдаан-эҕэрдэлээн турбут. С. Васильев Тыатын быыһа кытары Тырымнаабыт, сырдаабыт Таас куорат инитэ - Табаҕалыыр эбэкэм С. Тимофеев