Перевод с якутского
кытыаһын
туохтуур
Нууччалыы гореть ярким пламенем, ярко пылать, полыхать
1 туохтуур #
Күүстээх кыһыл төлөнүнэн умай
Нууччалыы Гореть ярким пламенем, ярко пылать, полыхать
Хаппыт мутукчаны сиир уот күүһэ дэлэтэ дуо, сүр баҕайы өрүтэ үөмэхтиир, кытыастар. Амма Аччыгыйа Күһүҥҥү ыас хараҥаҕа сүрэххэ төһөлөөх күндүгүнүй, эн, булчут кытыастар кутаата! Далан Көрүҥ, ол тугуй? Ойуур умайан кытыастар буолбат дуо? Н. Якутскай
Өссө холобурдар (4)
Оһоҕун кыыма өрө кытыаста олорор эбит Н. Заболоцкай Кыһыл төлөн буолан көһүн. Θ Виднеться как пламя. Кытара сандааран умайан тэтэрбит Кытыастар былааҕы үрдүбэр туруоруҥ!
П. ОйуунускайХаллаан илин эҥээрэ бүтүннүү кытыаста умайан эҥсиллимэхтээн барда. Амма Аччыгыйа Ырыых-ыраах халлаан кытыытыгар Кыһыл сарыал кытыастар И. Эртюков
2 туохтуур #
Ордук эрчимнээхтик, өрө биэрэн саҥар-иҥэр
Нууччалыы Говорить запальчиво, пламенно, очень эмоционально
Мунньахтарга араатардаан кытыастар. Амма Аччыгыйа Кыргыттар буоллаҕына Кытыан быыһыттан Кыһыл тылларынан Кытыасталлар. П. Тобуруокап "Оҥойор айаххар да тото-хана аһаабакка олороҥҥун, өссө атыылаһардааххын баҕастааххын", - Надя эбии кытыастар Р. Кулаковскай