ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

имэҥир

туохтуур

Нууччалыы пылать страстью

1 туохтуур #

Курдаттыы тартаран күүскэ, омуннаахтык баҕар, дьулус

Нууччалыы Пылать страстью

  • Бэдэр сыттыктарын Бэрийэ астылар, Ис-истэриттэн Имэҥирэн кэллилэр: Тас таҥастарын Тарбахтарын төбөтүнэн Тарыйа оҕустулар.
    П. Ойуунускай
  • [Арыгыһыт] амсайдар эрэ арыгылыан таттарар, Истэр эрэ иһиэн имэҥирэр.
    А. Софронов
  • Чуура имэҥирбит ип-итии, сыгынньах, чэгиэн түөһүнэн Тороевка саба түстэ уонна уоттаах ибигирэс уоһунан кини уоһун, муннун, иэдэһин, сүүһүн уураабытынан барда
    Л. Попов

2 туохтуур #

Омуннаахтык, күүскэ өрө күүркэй, үлүһүй; кыдьыгыр

Нууччалыы С большим желанием, вдохновением, яростью делать что-л

  • Тайҕа атамааннара көмөлөөн, дэлби тэпсэн баран, өллө диэннэр, күрдьүккэ соһон кэбистэхтэринэ – киһилэрэ түүнүгэр "тиллэн" кэлэн – сарсыныгар өссө ордук имэҥирэн, илбиһирэн охсуһара үһү.
    Күннүк Уурастыырап
  • Буолбут мунньахтарга киһи барыта ис-иһиттэн имэҥирэн, санаатын толору саҥарбыта.
    Болот Боотур
  • Муусука тыаһа улам имэҥирэн дьон сүрэҕин абылыыр.
    И. Бочкарев
Өссө холобурдар (1)
  • Сир-уот, көтөр-сүүрэр туһунан айымньыларыгар поэт дьиҥнээх сахалыы дууһата ким баҕарар өйүн-санаатын өрүкүтэрдик арыллан, этэр тыла-өһө имэҥирэн, эҥсиилэнэн кэлэрэ
    ХС

«И» буукуба