Перевод с якутского
имэҥ
аат тыл
Нууччалыы сильное чувственное влечение, страсть; сладострастие
1 аат тыл #
Курдаттыы тартарар күүстээх баҕа, дьулуһуу
Нууччалыы Сильное чувственное влечение, страсть; сладострастие
Оттон Дьэбдьиэни көрөөт, хайдах эрэ таптал күүстээх имэҥэр тута ылларбыта. В. Протодьяконов Олох биир күүстээх имэҥэ – Үрдүктэн үрдүккэ дьулуһуу. Баал Хабырыыс Таҥас бүтэй тамана сырдыы -- Өттүгэ үрдээн, түөһэ тэйэн, Биилэ синньээн, хаана кэйэн, Бүгүн киэркэйэн көстүбүтэ – Биһи уолбутун уйадытта, Имэҥ уотунан уматта Дьуон Дьаҥылы
2 аат тыл #
Өрө күүркэйии, көх-күүрээн, тугунан эмэ үлүһүйүү
Нууччалыы Сильное увлечение, азарт; воодушевление
Онтон ыла билэбин Кырдьыктаах тыл эрчимин, Тыл иччилээх имэҥин, Төлөннөөх тыл – ох! – диэни. С. Данилов Александры туттарар имэҥэр оҕустаран, кини бурдугун быспакка куоттаран эрэр. М. Доҕордуурап Атын кыһалҕа тирээтэҕинэ, бу дьону манна тугунан манньалаан таһааран хоннороруҥ биллибэт. Көр, булт имэҥэ оннук күүстээх. "Кыым". Тэҥн. илбис (3)
3 этии #
Курдьаҕаҕын хомун, кыдьыккын кыан, имэҥҥин иҥэрин көр курдьаҕа