ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ымсыырбыттыы

Нууччалыы испытывая большое желание к чему-л

Ис хоһооно · 4

1 #

сыһ

  • Коля минньигэс аска ымсыырбыттыы тылын салбанна, уоһун туора-маары сотунна.
    У. Ойуур
  • Борук-сорук хоһу эргиччи көрөн баран, ымсыырбыттыы үөһэ тыынна. М. Шолохов (тылб.)

2 #

Туохха эмэ олус баҕаран, күүскэ ымсыыран, умсугуйбуттуу

Нууччалыы Испытывая большое желание к чему-л., с жадностью, с большим интересом. [Дэриэбинэ оҕолоро] соҕуруу дойду туһунан кэрэхсээн ымсыырбыттыы сураһар ыйытыыларыгар хардаран үгүһү кэпсиирим

3 #

Кимиэхэ эмэ олус ылларан, сөбүлээн, курдары тартарбыттыы

Нууччалыы Испытывая желание и страсть к кому-л., вожделенно

  • Мин син бу бачча сааһырыахпар диэри урут тугу даҕаны бу курдук умсугуйбуттуу, ымсыырбыттыы ахтылҕаннаахтык одууласпыппын, көрбүппүн өйдөөбөппүн
    Суорун Омоллоон

4 #

Кими эмэ ордугурҕаан, киһи киэнигэр баҕаран туран

Нууччалыы Испытывая чувство зависти к кому-чему-л., с завистью

  • Кини Лоҥкуудаҕа тиийиитигэр дьоно үлэлээн туманнатан ырааппыттар. Үлэлиир өлүүлээх сирэ -- бүүс-бүтүн мөлбөйөн турар. Ымсыырбыттыы дьонун диэки ааҕа көрүтэлээтэ.
    М. Доҕордуурап
  • Атаарааччылар барар уолаттарга, кыргыттарга ымсыырбыттыы сайыһа көрөллөрө. Хорсуттар с. Ырыа тыллаах чыычаахха ымсыырбыттыы таптыыр ырыатын сыыйа тардар
    С. Федотов

«Ы» буукуба