Перевод с якутского
ымсыыр
туохтуур
Нууччалыы испытывать желание обладать, располагать, владеть чем-л., желать чего-л., зариться на что-л
1 туохтуур #
Тугу эмэ ылан туһанарга, туттарга олус баҕалан, иҥсэр, харамсый
Нууччалыы Испытывать желание обладать, располагать, владеть чем-л., желать чего-л., зариться на что-л
Мойуос кинээс обургу, Баайга-токко ымсыыран, Мал курдук атыылаан Көмүс чыычааххын, Күндү сымыыккын Күн сириттэн сүтэрдиҥ! С. Зверев Кини санаатын баҕата, ымсыырара үгүс этэ да, кыах суоҕа.
Суорун ОмоллоонМин аҕам ити хара санаалаах баайга ымсыыран миигин атыылаабатаҕа буоллун, оччоҕо -- муҥ сатаатар үөрэнэн ырааппыт буолуом этэ М. Доҕордуурап
2 туохтуур #
Киһи киэнигэр баҕар, ордугурҕаа
Нууччалыы Испытывать чувство зависти к кому-чему-л., завидовать
Мин буруйбунан мин оҕом, мин тыыннаахпар, атын оҕолор аҕаларыгар ымсыыран эрдэҕэ.
Н. ЛугиновБоруоста мин ымсыырабын эһиэхэ, эдэрдэргэ. В. Яковлев Арай мин ийэм өрдөөҕүтэ, Аччыгый эрдэхпинэ өлбүтэ. Ымсыыра көрөбүн үөлээннээхтэрим Кырдьаҕас ийэлээхтэригэр И. Чаҕылҕан