ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ымсыылаахтык

Нууччалыы с большим желанием, вдохновенно, воодушевлённо

1 #

сыһ

  • Мин удьурҕай чорооммор Олох кымыһа аччаата. Ол иһин мин хоһооммор Күп-күөх олох ачата Ымсыылаахтык хоһуллар.
    С. Данилов
  • Санньыйбыт, ыалдьыбыт сылларбар Ымсыылаахтык да саныырым Күөх ньургуһун көбүөргэр Көччүйэ көппүт күннэрбин!
    С. Гольдерова

2 #

Олус тартаран, баҕаран, умсугуйан туран (тугу эмэ гын)

Нууччалыы С большим желанием, вдохновенно, воодушевлённо

3 #

Наһаа баҕаран туран, иҥсэлээхтик, (аһаа)

Нууччалыы Жадно; с жадностью, с аппетитом (есть)

  • Уолчаан ымсыылаахтык аһаан, күөрчэхтээх лэппиэскэҕэ ньуоската сотору-сотору элэҥнээтэ.
    М. Доҕордуурап
  • [Татыйаас] эмтэркэй мас хамыйаҕы ылан, баһа-баһа ымсыылаахтык аһыы олордо
    ХС

«Ы» буукуба