ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ымсыы

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы зависть

English envy

Ис хоһооно · 6

1 даҕааһын #

даҕ

  • Манна ханна эрэ ааттаах ымсыы, кэччэгэй Дьэкиим кинээс диэн түүлээх ытыс олорор дииллэр.
    Н. Заболоцкай
  • Андрей Бүттүүйэби кытта кэпсэттэҕин ахсын бу киһи ычата кыратын, ымсыытын, бэйэтигэр туһалаахха сирэйэ-хараҕа суох түсүһэрин билэн иһэр.
    М. Ефимов
  • Ымсыы ытырым лэппиэскэтин Иэстээн суолгар ытыаҕа, Ыкса ыалыгар түптэтин Киитин атыылыы сатыаҕа
    Айталын
Өссө холобурдар (2)
  • Хара суруксут бэрик ыларын таптыырын, үпкэ-харчыга ымсыытын бэркэ билэр.
    И. Гоголев
  • Ымсыы ытыһа туолбат – Харам хараҕа хаммат. Ахсаана Сонтуой. Булт кэмигэр, ордук үллэстиигэ, сорох дьон иҥсэлэрэ, ымсыылара батарбакка таска тахсааччы.
    ТМ ДК

2 даҕааһын #

1. Тугу эмэ ылан туһанарга, туттарга олус баҕалаах; иҥсэлээх, харам

Нууччалыы Стремящийся к наживе, корыстолюбивый, жадный

3 даҕааһын #

Атын киһи киэнин ордук үчүгэй дии саныыр, ордугумсах

Нууччалыы Полный зависти, завистливый, алчный

  • Даарыйа эмээхсин ордук ымсыы, ыар санаалаах уонна уохтаах-кылыннаах хотун.
    Н. Түгүнүүрэп
  • Ордугумсах, ымсыы киһи бэйэтин сорунан уонна атын киһи дьолунан дьоло суох. ЭБЭДьА. Ким этиэҕэй: Сальери Ымсыы, чиччик киһи этэ диэн? А. Пушкин (тылб.)
  • Иирсээннэрин төрүөтэ – ымсыы, ордук санаһыы, бэрт былдьаһыы буолбута.
    Далан
Өссө холобурдар (2)
  • "Ымсыы, күнүү – эҥкилэ да суохха эбир түһэрэр куһаҕан санаалар, – диэтэ Бөртө, сорохтор кистэлэҥ санааларын өтө көрбүт курдук. – Хаһан да онуоха бас бэриммэт буолуҥ".
    Н. Лугинов
  • [Балбаара:] Ити сааспытыгар муҥнанан-муҥнанан булбут биир кунаммытын улаатыннардым, ол ымсыытыгар [Быыпсай Сүөдэр] иҥсэрэн үөнэ хамсаан эрэр
    Эрилик Эристиин

4 аат тыл #

Тугу эмэ ылан туһанар эрэ туһугар үлүһүйүү; иҥсэ, харам санаа

Нууччалыы Стремление к личной выгоде, наживе, жадность, алчность

5 аат тыл #

Атын киһи табылларыттан, этэҥҥэ буоларыттан абаланыы, ордугурҕааһын

Нууччалыы Чувство досады, вызванное благополучием, успехом другого, зависть

6 этии #

Этиилэр

Ыт курдук иҥсэлээх (ымсыы) көр ыт II

  • Ыт курдук ымсыы киһи туохха эрэ ымсыыран тугу эрэ тула чэччийдэ. Ср. туркм. ымтылмак ‘ждать угощения, жадно смотреть кому-л. в рот; настойчиво желать, добиваться чего-л., стремиться к чему-л. ’

«Ы» буукуба