Перевод с якутского
сэгэччи
Нууччалыы слегка приоткрыв, полураскрыв (напр
1 #
сыһ
Уоһун сэгэччи атан, нарыннык сыһыгыраан, ис-иһиттэн үчүгэйдик да күлэр. С. Никифоров [Уулаах] чомпойун быатын сүөрэн, кэтэҕин диэки сэгэччи анньан туран иһиллээтэ. Эрилик Эристиин Биһиги остуораспыт Софрон Чаахап оһоҕун оттоору сарсыарда эрдэ туран, -- бородуукта ампаарын аана сэгэччи аһыллан турарын көрбүт аатырда ХС
2 #
Кыратык аһаҕас буоларын курдук, аппаччы
Нууччалыы Слегка приоткрыв, полураскрыв (напр., о двери)
3 #
ан эрэ үөрбүттүү, чэпчээбиттии, сэргэхтик
Нууччалыы Воодушевлённо, оживлённо, с приподнятым настроением
Кэтит, көнө сарыннарын даратан, төбөтүн сэргэхтик сэгэччи туттубутунан, эрчимнээхтик, суһаллык сулбу хааман, Максим Горькай остуол диэки кэлэн иһэр эбит. Амма Аччыгыйа Тииҥ Мэйии сэгэччи туттан, чэпчэкитик тэп-тэп үктэнэн, бэйэтэ туппут антыанналаах дьиэтин диэки хааман бэдьэйэ турда. Г. Угаров Миитэрэй, ааранан кини үөрбүт курдук ыҥыырын үрдүгэр сэгэччи туттан, икки өттүн эргиччи көрүтэлээмэхтээн ылла ХС